Перевод с якутского
такай
туохтуур
Нууччалыы постоянно и усердно учить, давать советы, находясь при ком-л., натаскивать кого-л
1 туохтуур #
Кыһанан-мүһэнэн куруук үөрэтэ, сүбэлии сырыт
Нууччалыы Постоянно и усердно учить, давать советы, находясь при ком-л., натаскивать кого-л
Хоһоон суруйар уустук хомуһунугар Такайабын мин талааннаах ыччаты. С. Данилов Оҕо аата оҕо, оҕоҕо үлэ чэпчэки соҕуһа тиксиэхтээх. Сыыйа үөрэтэн, такайан иһиллиэ. Н. Габышев Хас күн ахсын Охоноон Туллайга аты сүүрдүү ис кистэлэҥнэрин кэпсиир, эппитин хос-хос такайар И. Федосеев
2 туохтуур #
Олус кыһанан-мүһэнэн, бүөбэйдээн тугу эмэ оҥор, бэлэмнээ
Нууччалыы Делать, готовить что-л. с большим старанием, любовью
Дьаарай тарбах такайбыт, Эриэккэс илии тикпит Хаҥ дьабака бэргэһэ Ханыыланан бүппүтэ үһү, Доҕоттоор! С. Зверев Сирдэрин дьаныардаахтык такайбыттар, тарбахтарынан тараабыттар, уунан сиигирдибиттэр, уоҕурдубуттар. И. Данилов Хайыы-үйэ биэрэккэ киирэн тыытын сымалалыы, оҥоро, такайа, имэрийэ-томоруйа сылдьар Кыым