Перевод с якутского
такым
аат тыл
Нууччалыы коленный сгиб, подколенок
аат тыл
Киһи тобугун кэтэҕэ
Нууччалыы Коленный сгиб, подколенок
Такымынан накыгыр, арҕаһынан нүксүгүр, үрдүк уҥуохтаах, улахан оҕонньор эбит. Күннүк Уурастыырап Уол тэбиэлэнэн көрдө да, такымнарыттан уонна сүнньүттэн ньохчоччу харбатан хаалбыт эбит. Амма Аччыгыйа Оҕонньор такымҥа оҕустарбыт киһилии бакык гына түстэ ХС
Өссө холобурдар (4)
Сүөһү, кыыл кэлин атаҕын сүһүөҕүн чочоҕор уҥуоҕун үрдэ. Θ Верхняя часть выступающей кости коленного сустава задней ноги зверя, скота. Ата такымыгар олоруох курдук, чохчойон баран өрө туруталаан, илин атахтарынан салгыны табыйда. М. Доҕордуурап Үлүһүйбүт бөрөлөр убаһалар тараһаларын хайыта тыыта, такымнарын иҥиирин сыыйталыы сырыттылар. Р. Кулаковскай Сорох ыт тайаҕы тохтотон баран, наһаа уоҕа бэрт буолан, -- такымыгар кытары ыйанан быһа тэптэрэн эбэтэр оҕустаран эмсэҕэлэммит, ону ааһан өлбүт түбэлтэлэрэ эмиэ биллэр. Я. Семёнов Общетюрк. такым ʻместо на сгибе ноги под коленом, подколенный сгибʼ