Перевод с якутского
такыр
даҕааһын
Нууччалыы крючковатый, скрюченный (о пальцах), искривлённый, сведённый, согнутый (о руке); кривой, искривлённый
1 даҕааһын #
Тордуох курдук көммөт токур, такыччы тардыбыт (илии, тарбах); хатан сөрүөстүбүт курдук токур, сөрүөстүгэстиҥи токур (атах)
Нууччалыы Крючковатый, скрюченный (о пальцах), искривлённый, сведённый, согнутый (о руке); кривой, искривлённый (о ноге, ногах)
Аҥаар илиитэ такыр буолан, сэриигэ барбакка хаалбыт Луха Луоскун -- тыаҕа бэлэмнэммит оттор маһы харабыллыыр буолбута. Амма Аччыгыйа Биир куһаҕан баҕайы таҥастаах, такыр илиилээх умнаһыт оҕонньор киирэн кэлэр.
Суорун ОмоллоонТобук [киһи аата] этиэҕин эппит киһи быһыытынан такыр атаҕын төбөтүнэн үктэнэн, тимирэн-дагдайан эрэрдии үөһэ-аллара түһүтэлээн, -- дьон быыстарынан баран истэ. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
Болоорхой халлааҥҥа кыһайан көрдөҕүнэ [кыыл] такыр тыҥырахтаах баппаҕайын өрө ууммут этэ. ВЛ
2 этии #
Нууччалыы Неумелый, неискусный (букв. скрюченный палец)
Этиилэр
Такыр тарбах
1) сатаан туттубат, оҥорбот, салаҥ Бу такыр тарбах тикпитэ куһаҕанын! НАГ ЯРФС II; 2) бэринньэҥэ суох, кэччэгэй.
Скупой, скаредный.
– Оҕонньор төһө оту биэрдэ? – Ол такыр тарбах арай эйиэхэ биэриэ, сороххо биэриэх быһыыта суох. ГНС СТСД Т. Ср тув. дагыр ʻскрюченный, кривойʼ