ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

талбытынан

сыһыат

Нууччалыы независимо

Ис хоһооно · 4

1 #

сыһ

  • Миитэрэй -- талбытынан тылбаастаабытынан барар.
    Амма Аччыгыйа
  • Кыысчааны баай дьахтар талбытынан тутара: таптыы туран таһыйан имилиннэрэн барааччы, таһыйан иһэн таптыыра.
    А. Сыромятникова
  • Мин талбыппынан сылдьабын.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • Сардаана улахан тойон оҕото буолан талбытынан көрүлүүр, сөбүлээбэт дьонун оннооҕор үлэлэриттэн үүрдэрэр адьынаттаах эбит
    У. Ойуур

2 #

Бэйэтэ билэринэн, хайдах саныырынан (тугу эмэ гынар)

Нууччалыы Как желает, как хочет (так и делает)

3 #

Сууту-сокуону, олохтоммут бэрээдэги, үгэһи тутуспакка

Нууччалыы Как удобно самому, вопреки закону, общепринятому порядку, традициям

  • Эй-сиэ, доҕор, былыр куоластааһын диэн баар этэ дуо? Кинээс, кулуба талбытынан этэн кэбиһэрэ да – сөп буолар буоллаҕа дии. Онно утары бардаххына, киһи буолуоҥ дуо?
    Амма Аччыгыйа
  • Сокуону токурутуу, талбытынан толорбот буолуу, этэргэ дылы, ытык курдук эргитэ сылдьыы кимиэхэ даҕаны бэриллибэт!
    М. Попов
  • Тойоттор-баайдар мунньустан, Уопсастыба куттала суох буолуутун Ламма улууһунааҕы кэмитиэтин быыбарын талбыттарынан ыыппыттара
    М. Доҕордуурап

4 этии #

Нууччалыы По-хорошему. [Кууһума:] Хор, ол Ходьоох эмээхсини ылаары гынабын

Этиилэр

Талбытынан эттэххэ

үчүгэйи санаан эттэххэ, үчүгэй өттүн таллахха Талбытынан эттэххэ, оҕо төрүүр дьахтара эбитэ буоллар бэрт буолуо этэ да, оннук табыллыбата.

  • Суорун Омоллоон

«Т» буукуба