Перевод с якутского
талыы
аат тыл, аат, даҕааһын
Нууччалыы родовые схватки, потуги при родах, приступ потужных болей у рожениц
1 аат тыл #
Дьахтар оҕолонор ыарыыта (дьахтар төрүүрүгэр оҕо киэлитэ (маатката) күүскэ кумуйара, үтэйэрэ)
Нууччалыы Родовые схватки, потуги при родах, приступ потужных болей у рожениц
Ити икки ардыгар кэргэним талыыта өссө күүһүрэн истэ. Биир кэм уһуутуу-уһуутуу энэлийэн киирэн барда. С. Никифоров Сэмэннээххэ баран иһэн дьиэбэр таарыйдым. Дьахтарым талыыта өссө күүһүрбүт. В. Ойуурускай Арыпыана талыытын кыатанан сымыһаҕын быһа ытырар. Түһүлгэҕэ т. Талыыта киирэн эрэрин таайан, куттанан, иһин имэринэ-имэринэ -- ботугураан көрдө да, хантан ааһыаҕай. Хата, аны иһин түгэҕинэн ыарыыта саҕаланна НТП ТББ
2 этии #
Нууччалыы Первые родовые схватки, первоначальные потуги женщины перед родами
Этиилэр
Айан талыы
дьахтар оҕолоноругар бастакы улахан талыыта Ийэм эрэйдээххэ Айан талыыны Арҕаһынан киллэрэн, Абытайдатан барбыттааҕым.
Айан талыыта киирэн Дьалыһыйбахтаан ылла. П. Ядрихинскай
Сиэлэр талыы
хороҥ (хоро) талыы диэн курдук.
Хороҥ (хоро) талыы
дьахтар оҕолоноругар бүтэһик улахан талыыта.
Последние схватки, потуги (непосредственно перед изгнанием плода из чрева).
Хороҥ талыыта Ходьоҥнотон барда.
П. ОйуунускайДьахтар курдук хоро талыыҥ киирдэ дуо? И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
Дьахтар этэ тардан барда, Онтон хороҥ талыы киирэн барда. А-ИМН ОЫЭБЫ. Маарыйа бастакы оҕотун төрөөрү хороҥ талыыта киирэ сыттаҕына, ийэтэ дьэп-дьэҥкир тааһы аҕалан ытыһыгар туттарбыт. "Чолбон". Ср. др. -тюрк. талаҕу ʻрезкие боли в животеʼ
3 даҕааһын #
Атыттартан ордук үчүгэй, бастыҥ, чулуу; талан ылыллыбыт
Нууччалыы Лучший; отборный
тал диэнтэн хай. аата. Өскүүрсүйэ маршруттарын талыы, похуокка бэлэмнэнии, үөрүү-көтүү, өрө көтөҕүллүү. Далан Тыйаатыр репертуарын талыы ыарахаттардаах буолбута. АҮ. Учаастагы сөптөөхтүк талыы улахан суолталаах. ХКА. Кыаххын, дьоҕургун толору арыйар, олоҕуҥ аргыһа оҥостор таптыыр соҕотох идэҕин -- таба талыы киһи инники кэскилин түстүүр. НЕ ТАО Лиҥкинэспит тиит мастаах, лагларыспыт талыы хатыҥнаах таптыыр, ахтар мин дойдум. Далан
Өссө холобурдар (3)
Аҕата эмиэ талыы соболору ылҕаан ылан: "Балары таһааран уурталаан кэбис", – диэбитэ. Н. Якутскай Сербтэр өстөөҕү ыган барбыттара. Онуоха султаан уола саҥа талыы сэриилэри кыргыһыыга киллэрбитэ. АЕВ ОҮ И. Ср др. -тюрк. талу ʻотборный, избранный, особенныйʼ, тув. тала ʻлучшийʼ