Перевод с якутского
тамнаа
туохтуур
Нууччалыы побросать что-л., как попало; забросать кого-что-л. чем-л.; выбросить что-л. куда-л
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Илиигин далайан, туохтары эрэ тэйиччи быраҕыталаа, элитэлээ
Нууччалыы Побросать что-л., как попало; забросать кого-что-л. чем-л.; выбросить что-л. куда-л
Кэргэнэ, кыыһырбыт курдук, оҕонньоро кыырар таҥаһын, дүҥүрүн ылан ороҥҥо тамнаабыта. Н. Якутскай Мардьаҥныырап кууллары көрөн айманна: "Эй, кэл эрэ, маны барытын таһырдьа тамнаа!". Е. Неймохов Эмискэ байыастар ойон турбуттара итиэннэ тааҥкалары кыранааталарынан тамнаабыттара И. Федосеев
Өссө холобурдар (2)
Ыраах кыырат, элит (биир тугу эмэ). Θ Бросить, кинуть что-л. далеко. Доҕоттоор, бу туох орой мэнигэ, урааҥхай киһитэ маннык хаарыан чаһыны ууга тамнаан барбыт бэйэтэй? Н. Заболоцкай Киҥнэнэн, тутан турар инструменын тамныыр Дьүөгэ Ааныстыырап
2 туохтуур #
Талбыккынан охтортоо, быраҕаттаа (тустууга)
Нууччалыы Бросать, кидать, швырять кого-л. как угодно (в спортивной борьбе)
Арай мин туста тахсаары бэлэмнэнэ сылдьан, -- сүүрэн тиийбитим -- Цикларунаны [тустуук араспаанньата] биир уол талбыт сиригэр тамныы сылдьар эбит. СМН ТС. Тустуу сиэксийэтигэр кэлбитигэр, тустуунан хаһыс да сылларын дьарыктанар уолаттар кинини ыла-ыла тамнаабыттара ЭК
3 туохтуур #
Сытыытык, күүскэ үрэн өрүтэ ытый, бурҕачыт (тыал туһунан)
Нууччалыы Мести, кружить снег (о сильном ветре)
Тыал тамныыр ньуолах хаары. И. Гоголев Мууһунан тамнаан кэллэ кыһын-хаан Эллэй
4 этии #
Нууччалыы Бросаться словами
Этиилэр
Тыллары тамныыр
мээнэ-мээнэ саҥарар Ыйааһыннаах тыллары мээнэ тамнаама, Ыйыталаһан, көрдөһөн таах кыынньаама.
Мин кыһыйан кырыылаах тыллары тамнаабытым. ХС
Харчыны тамныыр
харчыны таах, ахсарбаттык быраҕаттыыр, харчыны харыстаабат.
Небрежно относиться к деньгам, швыряться деньгами.
Тутааччылары даача оҥостооччулар эккирэтэ сылдьаллар, "Волга" массыынанан тиэйэллэр, харчыны төһөнү көрдүүргүнэн тамныыллар. В. Протодьяконов Ыкка тамнаа кэпс. – сөбө суох дии санаа, искэр ылыныма, сир. Пренебрегать, отвергать, ни во что не ставить. Кууруспут аҕыйах ахсааннаах уолаттарын ырытан ыла-ыла ыкка тамныырбыт. Ол иһигэр эйигин эмиэ. "Күрүлгэн"