ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тамылҕан

аат тыл

Нууччалыы таволга.

аат тыл

Үрэх кытыытын таптаан үүнэр көҥдөй үөстээх ньолбоҕор сэбирдэхтээх талахтыҥы үүнээйи

Нууччалыы Таволга. Суйдаммыт тамылҕаннар быыстарыгар кыһыҥҥы курупааскылар таарбайа хаампыттара. Амма Аччыгыйа. Сииктээх салгын бүрүйбүт дулҕалаах, тамылҕаннаах үрэх толоонун үрдүнэн түптэм буруота унаарыйа устубута. Н. Якутскай. Аатырбыт аҥаат-муҥаат алаастарым, Тамылҕаннаах Таатта үрэҕим. И. Эртюков. Др. -тюрк. табылху, уйг. тевилҕа, хак., кирг. табылҕы

«Т» буукуба