ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тарат

туохтуур

Нууччалыы сильно избаловать, распустить

I

туохтуур

, кэпс. Олус атаахтат, көҥүл ыыт

Нууччалыы Сильно избаловать, распустить

  • Мэниги таратыма, мэйиигэр тахсыа (өс хоһ.). Дьахтары тараппыттан ордук куһаҕан туох баар буолуой. Дьахтар син биир оҕо кэриэтэ: тарайдаҕына буортутуйар.
    Далан
  • [Сиэним кыыс] Албыннаһан, күлэн амайар, Адьас билбэт кыыһырар диэни. Таптыыбыт иэйэ, ымманыйа, Таратабыт бу кыра киһини
    И. Фёдоров
  • тараа диэнтэн дьаһ. туһ. Атын киһиэхэ аһын таратта, Туспа киһиэхэ суһуоҕун тупсаттарда.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
Өссө холобурдар (2)
  • Роман оҕонньор сибэниэтин солооһунун тыраахтарынан икки суолунан культивациялатан, таратан баран нэчимиэни эмиэ кириэстии ыстарда.
    М. Доҕордуурап
  • Бааһынаны иккиһин уон аҕыс-сүүрбэ сэнтимиэтир дириҥник хоруталлар, ол кэнниттэн тараталлар, хотуоктууллар.
    СГС ОАКЭ

«Т» буукуба