ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тарыкынай

туохтуур

Нууччалыы быстро и часто махать, трепетать крыльями

1 туохтуур #

дьүһ. туохт

  • Чыркымай хайыан да билбэккэ, ыксаан, биир сиргэ дайбанан тарыкынайа тураахтаабыт. Софр. Данилов. [Ийэлэрэ] маатыргыы-маатыргыы, түргэн түргэнник тарыкынайар, уу кырсыттан көтөн тахсыталыыр, кусчааннар эмиэ күөрэйэ сатыыллар.
    М. Ефимов
  • Чыычаахпыт оҕото көтөн тарыкынайан таҕыста
    В. Иванов

2 туохтуур #

Түргэн-түргэнник сапсынан көт (үксүн кыра көтөр туһунан)

Нууччалыы Быстро и часто махать, трепетать крыльями (обычно о мелкой птице)

3 туохтуур #

Солуута, дьоһуна суох элбэх хамсаныылаах буол, оннук хамсанан тугу эмэ гын (үксүгэр синньигэс илиилээх-атахтаах, хатыҥыр оҕо туһунан)

Нууччалыы Делать короткие частые движения руками, ногами (обычно о ребёнке или человеке легкомысленного поведения)

  • Бүтүн оройуон салайааччыта киһи хайдах уол оҕо кэриэтэ тарыкынайа сылдьыай. Софр. Данилов. Костя -- үрүмэччи көтөн иһэрин курдук, сүүрэн тарыкынайара.
    Н. Кондаков
  • Балаайа -- тутуурдарын муостаҕа тамнаат, биэлсэр эмээхсини эккирэтэн көрүдүөр уһугун диэки сүүрэн тарыкынайда
    В. Яковлев

«Т» буукуба