ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тарыырдан

Нууччалыы цепляться за что-л

1 #

1 тарыырдаа диэнтэн бэй., атын. туһ. [Кыыс] хайа чыпчаалыгар тиийэн тохтуур, оҥостор. Онтон били хатыҥынан тарыырданан таҥнары анньынар. Эвен. фольк. Тайахтарбытынан тарыырданан сыыры үчүгэйдик түстүбүт. "ХС"

2 #

Онтон-мантан иҥнэн, иилистэн бараргар мэһэй-таһай буол; сиринэн соһулун, сыһылын

Нууччалыы Цепляться за что-л., мешая движению кого-чего-л.; волочиться, тащиться по земле

  • Тииттэн, титириктэн таһаҕаспыт тарыырданнаҕына аттарбыт сиргэнэ барбат, букатын да кыһаммат этилэр.
    Далан
  • Саата Сөтөҕөйдөөҕөр [киһи аата] уһун буолан, сүктэҕинэ син биир тарыырдана сылдьар.
    М. Ефимов
  • Абырҕал соспут киһи хаарга хааман тарыырдаммыт суолугар кэтиллэ түстэ.
    Н. Борисов
Өссө холобурдар (1)
  • Ат самыытын саба сыһар үрдүк от үүммүтэ киһи атаҕар тарыырданар. А. Алдан-Семёнов (тылб.)

3 #

Аҥнан, айгыстан, сүпсүнүйэн тугу эмэ олус уһуннук, бытааннык гын, оҥор

Нууччалыы Долго копошиться, возиться с чем-л., медлить

  • Өрүкүнэй Өлөксөй күнү быһа тарыырданан чугуун доруобунньугун уларытар түбүгэр түстэ. Суол т. Таһыттан ааны киэҥник, уһуннук аһан тарыырданан паапалара Сомсуун киирэн кэллэ. "Чолбон". "Бээ-бээ, ити хайдаҕый?" – диэн ботугуруу-ботугуруу, Дьөгүөссэ таһырдьа тарыырданан тахсыбыта
    ХС

«Т» буукуба