ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

таҥнар

туохтуур

Нууччалыы предавать кого-что-л., изменять кому-чему-л

I

1 туохтуур #

Дойдугар, дьоҥҥор куһаҕаны оҥорон, өстөөххө көмөлөс, кини диэки буол

Нууччалыы Предавать кого-что-л., изменять кому-чему-л

  • "Батаакап баай өнүгэстэрэ саха норуотун таҥнардылар буолбаат?!" – Абыраамап кыбдьыгыраан саҥарар.
    Л. Попов
  • Эһиги Ийэ дойдугутун таҥнарбыт быстах бандьыыттаргыт. Хата, бэйэҕит сэбиэскэй былааска бэриниҥ.
    С. Никифоров
  • Ийэ дойдуну таҥнаран биэрии – норуот иннигэр саамай ыар буруйу оҥоруу.
    ССРС К
II

2 туохтуур #

Тугу эмэ иҥнэри тутан иһигэр баарын сүөкээ (хол., сыарҕа таһаҕаһын); түҥнэри тут

Нууччалыы Перевернув, опорожнить содержимое чего-л. (напр., перевернув сани, свалить сено), опрокинуть; перевернуть кверху дном

  • Миитэрэй кыбыытыгар тиийэн, били чохчооһун отун сыыһын таҥнарда.
    Амма Аччыгыйа
  • Туркубун таҥнаран хахха гынан Табаларбын хоонньоһон Сыттым хаары бугунан.
    С. Данилов
  • Ср. бур. таҥгэ ʻпадать (валиться) на спинуʼ, др. -тюрк. төҥдэр ʻпереворачиватьʼ
III

3 туохтуур #

, кэпс. Үрэх, өрүс аллараа өттүн диэки, сүүрүгү батыһа бар

Нууччалыы Идти вниз по течению реки

  • Ньукулайым үрэҕи өксөйдө, мин таҥнардым.
    С. Федотов
  • Ол күнтэн үс хонон баран биир улахан үрэҕи батыһа таҥнаран истим
    Тумарча

«Т» буукуба