ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

таҥха

аат тыл

Нууччалыы якутские святочные гадания в период от рождества до крещения, когда люди гадали на судьбу, подслушивая предсказания божества рока и судьбы Таҥха

аат тыл

, итэҕ. Ороһуоспаттан кириһиэнньэҕэ диэри кэмҥэ ким эмэ дьылҕатын Таҥха (Дьылҕа) Хаан Тойон туох диэн билгэлиирин иһиллээн сэрэбиэйдэнии

Нууччалыы Якутские святочные гадания в период от рождества до крещения, когда люди гадали на судьбу, подслушивая предсказания божества рока и судьбы Таҥха (Дьылҕа)

  • Хан Тойона. Сорох, таҥха иһиллиир аатыран, ойбон хайыҥын, киһи уҥуоҕун таһыгар тиийэн нэк суорҕаны бүрүнэн олорон, тоҥон, тары сиэбит ыт курдук титириирэ. Сэмээр Баһылай. "Таҥхата иһиллиэҕиҥ, ойбоҥҥо киирэн", - диэтэ Сүөдэр, арыый улахаммыт. Дьүөгэ Ааныстыырап. Сүллүүкүттэр тахсар кэмнэригэр биэс-сэттэ киһи суорҕаны бүрүнэн эргэ өтөхтөргө эбэтэр киһи уҥуоҕар таҥха иһиллииллэр эбит. ФАС ӨОо. Ср. тюрк. таны ʻзнать, узнатьʼ

«Т» буукуба