ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

таһаарыы

аат тыл, аат

Нууччалыы публикация, издание

English publication

1 аат #

таһаар диэнтэн хай. аата.

Этиилэр

Биир суол боччумнаах дьыала

таба иитиитигэр эдэр дьону таһаарыы буолар.

  • ИИА КК. Бухатыырга эбэтэр булчукка таһаарыы туома былыр үгүс норуоттарга баар. "ХС"

2 аат #

Бэчээттэнэн тахсыбыт үлэ

Нууччалыы Изданное произведение печати, издание

  • "Талыллыбыт айымньылар" С. А. Саввин (Күн Дьирибинэ) өр сыллаах үлэтин бастакы түмэн таһаарыы буолар. Күн Дьирибинэ. Университет эһигиттэн бэйэҕит мусуойгут научнай таһаарыыларын ыытаргытыгар көрдөһөр
    С. Федотов

3 этии #

Нууччалыы Изготовление, выработка потребительских ценностей, производство

Этиилэр

Оҥорон таһаарыы

дьон туһааннаах производственнай сыһыаннаһыыларга киирэн үлэлээн, киһиэхэ наадалаах бородууксуйаны оҥоруулара Идэни баһылааһынтан үлэ оҥорон таһаарыыта уонна хаачыстыбата быһаччы тутулуктаахтар. "Кыым". Биһиги дойдубут үгүс автомобильнай собуоттара Хотугу сир усулуобуйатыгар сөп түбэһэр автомобиллары оҥорон таһаарыыны саҕалаатылар. "Кыым". Промышленнай бородууксуйаны оҥорон таһаарыы уонна батарыы -- улаатта. "Кыым". Таһаарыы түһүк тыл үөр. – кимтэн? туохтан? диэн ыйытыыга хоруйдуур, хайааһын тахсар, саҕаланар, тэйэр предметин көрдөрөр түһүк.

Исходный падеж – падеж, отвечающий на вопрос от кого? от чего? и обозначающий место, предмет, от которого исходит или начинается действие.

  • Таһаарыы түһүккэ турар, сирэй хайанар объегы бэлиэтиир тыл этиигэ көнө толоруу буолар. ВИП СТПС. Таһаарыы түһүккэ турар аат тыл хантан? диэн ыйытыыга эмиэ хоруйдуур.
    ЕНВ СТ

«Т» буукуба