Перевод с якутского
тиир
туохтуур, аат тыл
Нууччалыы расширить, растянуть что-л. (напр., невыделанную кожу), натянув на какую-л. форму. [Мааппыйдаах] үүтээннэригэр кэлэн, бултаабыт тииҥнэрин сүлэн, тириилэрин тиирэн, субалаан, ыраастаатылар
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Тугу эмэ (хол., тириини таҥастыырга) тэнитэр сыалтан анал халыыпка, киэпкэ уган иэнин тэнит, киэптээ
Нууччалыы Расширить, растянуть что-л. (напр., невыделанную кожу), натянув на какую-л. форму. [Мааппыйдаах] үүтээннэригэр кэлэн, бултаабыт тииҥнэрин сүлэн, тириилэрин тиирэн, субалаан, ыраастаатылар
Түүлээх тириитин тиирэргэ туттуллар киэп хас да көрүҥэ баар. Булчуттарга к
2 туохтуур #
Тугу эмэ (хол., балаакканы, тордоҕу) туруор, тарт
Нууччалыы Разбить, поставить (палатку)
Байбаллыын балаакканы тиирэр ураҕастары быстылар. В. Миронов Бэлэм атахха балааккаларын көрүөх бэтэрээ өттүгэр тиирбиттэрэ. И. Федосеев Ийэм -- тордох тиирэр мастары хомуйан кэлгийтэлээтэ. Н. Тарабукин (тылб.)
3 туохтуур #
Тугу эмэ (хол., быаны, саламаны уо. д. а.) тарт, ыйаа
Нууччалыы Натягивать, развешивать (верёвку, салама). [Уһуктаах Сэмэн] Салама тардан, Тиһэх тиирэн, Аар баҕах анньан, Үс күлүккэр үҥэр
Саха сэһ. 197
4 туохтуур #
Тоҕус тоҕойдоох сэлэни тиирбиттэр, тоҕус уон чуоҕур маҥан кулуннарын чуоҕуппуттар. ПЭК ОНЛЯ II. Тоҕой сэлэ тиирэммит, Торҕо түптэ иитэммит -- Тунал күммүт ыһыаҕын Туругурдан ыһыаҕыҥ. Күннүк Уурастыырап. Ср. др. -тюрк. кер, кирг. кэр, туркм. гермек ʻрастягивать, натягивать; распяливать; вешатьʼ
5 аат тыл #
Сыал ытарга үөрэнэр, күрэхтэһэр анал оҥоһуулаах сир, дьиэ
Нууччалыы Тир. Тииргэ киирэн сыал ыттылар. Бириискэ ытар киһиэхэ тиири тутааччы сааны тоһоҕо курдугунан иитэн биэрэр уонна диискэни күөрчэх ытыгын курдук күүскэ эргитэ тардар. Н. Якутскай. Оскуола таһыгар тимир буочукалары иһэрдэн, ситимнээн аналлаах тиир оҥостуммуттар. “Кыым”