ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тиирилин

  • тиир I диэнтэн атын. туһ. Кур оҕус тириититтэн тиириллибит, Куурдуллан-хатарыллан дыыгынаабыт, Эҥсэр тыаһы иһигэр иҥэриммит, Этигэнинэн кини дуо дэппит, -- Тойон дүҥүрү көрбүтүм.
    С. Тарасов
  • [Кытылга] балыксыттар муҥхалара тиириллэн турар.
    И. Данилов
  • Симонов бэйэтин үлэлиир хоһугар киирэн, мас араамаларга тиириллибит үрүҥ холусталары -- биир-биир арыйталаан көрүтэлиир. А. Фёдоров

«Т» буукуба