Перевод с якутского
тииҥ
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы белка.
English squirrel
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Үксүгэр мас көҥдөйүгэр, тиит кумалааныгар уйаланар чэрэгэр кулгаахтаах, көп уһун кутуруктаах, сайынын кугас, кыһынын бороҥ дьүһүннээх күндү түүлээх кэрбээччи
Нууччалыы Белка. Быйыл тыа булда, ордук тииҥ, бэркэ үөскээбит. Софр. Данилов. Дэйбиир кутурук, Чэрэгэр кулгаах Тэрээн тииҥ, Тииттэн тииккэ [ойдо]. П. Тобуруокап. Тииҥ буоллар, харахха ытыллыа этэ, оччоҕо тириитэ алдьаныа суохтаах. Т. Сметанин
2 даҕааһын #
суолт. Тииҥ тириититтэн тигиллибит (бэргэһэ, саҕынньах о. д. а.)
Нууччалыы Сшитый из беличьих шкурок, беличий
Тииҥ бэргэһэ. Тииҥ саҕынньах. Кинээс ойоҕо уолугар Нээстэргэ тииҥ истээх сон тиктэ.
Суорун ОмоллоонХоһугар биир билбэт эдэр киһитэ -- тииҥ бэргэһэтин остуолга ууран, сүүһүн тирээн баран утуктуу олордо Амма Аччыгыйа
3 этии #
Этиилэр
Тииҥ мэйии көр мэйии
Ол мунньахха ким тугу эппитин тииҥ мэйии Ньукулай өйдүүрэ буолуо. НАГ ЯРФС II. Били, Бэстэрикиэп этэринии, тииҥ мэйиилэр диэн балар буолан биэрдилэр. "Сахаада"
4 этии #
Нууччалыы Рыжевато-серый
Тииҥ көхсө - кытарымтыйан көстөр бороҥ Саха өҥү көрүүтэ айылҕаны кытта быстыбат ситимнээх--- солоҥу, тииҥ көхсө, сиэрэй, о. д. а. НБФ-МУу СОБ. Тииҥ саҥыйах - бороҥ өҥнөөх, туундараттан атын ханнык баҕарар сиргэ үөскүүр, кыһынын кыстыыр чыычаах. Θ Сероголовая гаичка. Тииҥ саҥыйах уонтан тахса сымыыттаах буолар, оҕолоро ыам ыйыгар төрүүллэр. Тииҥ сур - бороҥ (сылгы дьүһүнэ). Θ Тёмносерый, бурый (о масти лошади). Сур сылгыны эмиэ араастаан өҥнүүллэр: күтэр сур, бороҥ сур, саһыл сур, сырдык сур, кумах сур, күөх сур, тииҥ сур. ОМГ ЭС С. Др -тюрк. тейиҥ, тув. тииҥ, кум. тыйын, тат. тиен, уйг. тийин, алт. тийиҥ, каракалп. тыйын