Перевод с якутского
тииһигир
туохтуур
Нууччалыы усиливаться, нарастать, разыгрываться (о боли). [Маайака] ыарыйда быһыылаах, киэһэтин тииһигирэр
1 туохтуур #
Эмискэ бэргээ, сытыытык арыт таарымта курдук ыарый (ыарыһах, ыарыы туһунан)
Нууччалыы Усиливаться, нарастать, разыгрываться (о боли). [Маайака] ыарыйда быһыылаах, киэһэтин тииһигирэр
Күн ортотуттан киһилэрэ сыыйа кэҥээн, улам сэргэхсийэн барда, тииһигирэрэ сэллээтэ. Болот Боотур Ситэ үтүөрбэккэ сылдьан үлэлээтэххэ ыарыы бэргиэн, тииһигириэн сөп Г. Угаров
2 туохтуур #
Сүпсүгүр, тиргилин, улаханнык турунан туран тугу эмэ гын
Нууччалыы Суетиться, хлопотать; увлечься каким-л. делом, отдаться всецело чему-л
Хабдьы элбээн, хайалар харалдьыктарыгар туллук үөрэ түһэр буолан, [оҕолор] бултаан тииһигирэ сылдьаллар. Болот Боотур Холкуоска эмиэ саҥа бэрэссэдээтэл кэлбит уонна ол киһи тутуунан тииһигирэн турбут. Г. Нынныров Киһи барыта көмүстэн атыны санаабат буолла. -- Манна биһиэхэ эмиэ тииһигирэллэр. В. Санги (тылб.)