ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тиргиитээ

туохтуур

Нууччалыы производить громкий, грохочущий, рокочущий шум

1 туохтуур #

Улахан, ньиргиэрдээх тыаһы таһаар, улаханнык тыаһаа-ууһаа (тимир суол, улахан тиэхиньикэ тустарынан)

Нууччалыы Производить громкий, грохочущий, рокочущий шум (обычно о шуме поезда, больших машин)

  • Биһиги Сахабыт сиригэр Тимир суол тиргиитээн иһэр.
    И. Федосеев
  • Тиэхиньикэ тиргиитиир үйэтэ Тэлгэһэ да аайы тиэтэйдин!
    Р. Баҕатаайыскай
  • Хоту, соҕуруу талаһар Тимир суоллар тиргиитииллэр
    ХС

2 туохтуур #

Тугу эмэ эрчимнээхтик, айдааннаахтык оҥор

Нууччалыы Делать что-л. решительно, с шумом-гамом

  • Эн сир былдьаһан тиргиитээн эрэр үһүгүн буолбат дуо?!
    Амма Аччыгыйа
  • Эһиги бэйэлээхтэр аны "Эбэни" көһөрөөрү тииһэн-тиргиитээн эрэҕит дуо?
    Күннүк Уурастыырап
  • Түөрт-биэс хонуктааҕыта туран-олорон тиргиитии сылдьыбыт чэп-чэгиэн киһини аны "этэ" диэн өйдөөһүн хайдах эрэ өйгө-санааҕа батан киирбэт
    П. Аввакумов

«Т» буукуба