Перевод с якутского
тиэйии
аат
Нууччалыы воз
1 аат #
тиэй I диэнтэн хай. аата. [Петя:] Уонча хонукка тутуу маһын тиэйиитигэр сырыттым. С. Ефремов.
Этиилэр
Мин сүрүн үлэм
күн аайы холкуос пиэрмэтигэр от тиэйиитэ.
Ону-маны илдьиигэ, Оту-маһы тиэйиигэ Ат, оҕус көлөлөр Абырыыр да этилэр. "ХС"
2 аат #
Туох эмэ (хол., от, мас) биир сыарҕаҕа, массыынаҕа уо. д. а. төһө тиэйиллэрин кээмэйэ
Нууччалыы Воз (как мера)
Биир тиэйии отто эһиилгэ диэри иэс салҕаа. И. Сосин Хас да тиэйии сылгы сааҕын ылан баран, онно сөп буолбакка ыаллар тиэргэннэрин кэрийэн барда. В. Яковлев Биир тиэйии уотурбаны аһаҕас халлаан анныгар сүөкэппитэ Айысхаана
3 аат #
тиэй II диэнтэн хай. аата. Сытан эрэ ааҕар харахха буортулаах, итиэннэ таҥаска тиэйии сөбө суох. У. Нуолур