Перевод с якутского
той
сыһыат, туохтуур, аат тыл
Нууччалыы раздробить, разбить на мелкие куски, измельчить, расколоть
1 туохтуур #
Туох эмэ кытаанаҕы (хол., тоҥ чохоону) тугунан эмэ охсон үлтүрүт, кыралаа
Нууччалыы Раздробить, разбить на мелкие куски, измельчить, расколоть (напр., мёрзлый чехон)
Сүөкүлэ чэй кутар, чохоон киллэрэн тойор. Н. Якутскай Мин килиэп быһа, саахар тойо олорбутум. Н. Габышев Мас хорууда иһигэр тааһы тойон бараллара МАП ЧУу
2 аат тыл #
, эргэр. Бырааһынньык, көр-нар
Нууччалыы Праздник, веселье
Олоҥхо диэн тыл саамай үҥкүүлүүр түһүлгэтэ, туойар тойо, оонньуур сыһыыта, күлэр-салар, көрүлүүр тэлгэһэтэ. П. Тобуруокап [Быыбар күнүгэр] саамай улахан тойго мустар курдук муһуннулар. Уот ч. Былыргы ыһыахтарга, урууларга, тойдорго, кыргыс үйэтинээҕи сэриигэ барарга, алгыстарга ритуальнай муусука туттуллар ХС
3 #
тайма диэн курдук. Дьэ, билигин куоракка киирэн, массыына той ылыахпыт турар ээ. А. Софронов. Күһүҥҥү үлэ той бүтүүтэ Холбоһор үлэхтээх кыыстааҕым. П. Тобуруокап. Ср. тюрк. тоо ʻмного, счёт, числоʼ