ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тойтой

туохтуур

Нууччалыы быть, казаться очень маленьким и полным

1 туохтуур #

дьүһ. туохт

  • Тойтойо сытыйан, адьас улахан киһи курдук саҥарар ээ, бэлэс мааны.
    В. Гаврильева
  • Былаас [киһи аата] кутталыттан кумуччу туттан, аччыгый бэйэтэ өссө аччаан саала ортотунан тойтойон истэ
    ББ

2 туохтуур #

Наһаа кыра, төкүнүк буолан көһүн (оҕо эбэтэр кыра уҥуохтаах киһи быһыытын туһунан)

Нууччалыы Быть, казаться очень маленьким и полным (о фигуре человека)

3 туохтуур #

Наһаа кылгас, тойтоҕор буол, оннук буолан көһүн (хол., таҥас, кутурук туһунан)

Нууччалыы Быть, казаться очень коротким, кургузым (напр., о верхней одежде, хвосте)

  • Тойтойбут торбос сонноох дьахтар куобах суорҕаны, кулун тэллэҕи балаҕантан таһаарда.
    И. Гоголев
  • Сулуон тойтойбут түүтэ суох кутуруктаах дии, ээ?
    Н. Габышев
  • Тойтойбут кылгас дыраап болтуолаах Прошка кумуччу туттар.
    М. Прилежаева
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. казах. тойти ʻстановиться куцымʼ

«Т» буукуба