ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тойуу

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы кусок чего-л. колотого, измельченного, дроблёного

1 аат тыл #

Туох эмэ үлтүрүтүллүбүт, кыраламмыт сорҕото (хол., куһуок саахар)

Нууччалыы Кусок чего-л. колотого, измельченного, дроблёного (напр., кусковой сахар)

  • Мин сомоҕо кур тааһы сырбаппытым: көмөрдүҥү хара тойуулар хаарга ыһылла түспүттэрэ.
    Н. Абыйчанин
  • Түүлээхтэрин олохтоохтортон кутуу чэйгэ, хамса табахха, оҕуруоҕа, саахар тойуутугар, биһилэххэ, ытарҕаҕа атыылаһан ылла.
    ХС
  • Тимир уһааралларыгар бөдөҥ тойууну көмөр үрдүгэр куталлар
    МАП ЧУу

2 даҕааһын #

суолт. Тойуллубут, үлтүрүтүллүбүт

Нууччалыы Дроблёный, колотый, пилёный

  • Тоһутуу лэппиэскэ, тойуу чохоон – Аан дойду амтаннаах астара.
    С. Данилов
  • [Африка оҕото эйиэхэ] Ойуулаах, кырыылаах Тойуу муус бэлэхтиэм.
    Л. Попов
  • Биирдии тойуу саахардаах чэйи истилэр
    Н. Габышев

«Т» буукуба