ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

толуй

туохтуур

Нууччалыы возмещать, компенсировать, восполнять что-л. [Дьүөгэ Дьөгүөр:] Дьэ, аҕа тойонуом, абыраа

1 туохтуур #

Туох эмэ сыанатын төлөө, боруостаа, онуоха сөптөөҕү биэр

Нууччалыы Возмещать, компенсировать, восполнять что-л. [Дьүөгэ Дьөгүөр:] Дьэ, аҕа тойонуом, абыраа

  • Отум-бурдугум сирин үс сылга эн ылаҥҥын дайыымпабын толуй.
    П. Ойуунускай
  • Нолуоккун толуйаргар эйиэхэ төһө харчы нааданый?
    Н. Якутскай
  • Ол саа атыытын толуйар оҕонньор буолуом ээ
    Д. Таас

2 туохтуур #

Кими, тугу эмэ солбуй

Нууччалыы Замещать, сменять кого-чего-л

  • Биир хортуоппуйу сиикэйдии сиэн хачырҕатан кэбистэ. Онтуката ас суолтатын толуйуохтааҕар, эбии алдьархайы аҕалбыта.
    И. Никифоров
  • [Маша] бэлиэр сайын ынах ыаһан, бүтүн биир ыанньыксыты толуйар сүүнэ үлэһит буолла. ВМП УС
    С. Ср
  • тув. толу ʻменяй на залог, выкупиʼ, алт. толу ʻоткупаться, давать выкуп, менятьʼ

«Т» буукуба