Перевод с якутского
тоноҕос
аат тыл
Нууччалыы позвоночный столб
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Сис уҥуоҕа
Нууччалыы Позвоночный столб
Онно билбитэ кини аччыктаабыт ис тоноҕоско эпсэри сыстарын. Софр. Данилов. Тоноҕосторо токуруйан им-дьим сүгүрүйэллэрэ. И. Гоголев Тоҕус сыл тоҥу суоран, Тоноҕоспун тоҥхоппутум С. Васильев
2 аат тыл #
Сис тоноҕоһун биир сүһүөх уҥуоҕа, биир сүһүөҕэ, сүргүөҕэ
Нууччалыы Позвонок, отдельное звено позвоночного столба
Тоноҕостор икки ардыларыгар имигэс өҥүргэс баар. АҮө. Тоноҕос уҥуоҕун уонна сүһүөх икки ардыларынааҕы өҥүргэс араҥалара кылгааһыныттан киһи намтыыр ДьДьДь
3 аат тыл #
көр тоҥсоҕой. [Бухатыыр] Тоноҕос кыыл баһа Торулаан тахсыбытын курдук, Торҕо дьирим дойдулаах эбит. Суорун Омоллоон
көр тоноҕосчут. Кынаттара куура охсубут тоноҕостор хомустан хомуска дьирибинэһэ дайаҥнастылар. В. Миронов Тоноҕос эрэйдии түһэн баран туттарара буолуо. АаНА СТОТ. Кини лыахтары, тоноҕостору эккирэтэ сылдьан да ыллыыр. СҮК
4 аат тыл #
түөлбэ. Кытыыттан үөскэ үргүлдьү үтүллүбүт илим
Нууччалыы Сеть, закинутая с берега прямо к середине водоёма
Маастар Сомсуун бастакы тоноҕосторун тардыалаат, балыкка тута кэтиллибитинэн барда В. Яковлев
5 этии #
Нууччалыы Спинной хребет
Этиилэр
Сис тоноҕоһо
киһи-сүөһү уонна тоноҕостоох харамайдар систэрин уҥуоҕа Сур бөрө иһэ экчэччи сиһин тоноҕоһугар хам сыстара.
Балык дьардьаматын сүрүн уҥуоҕунан сиһин тоноҕоһо буолар. ББЕ З. Киһи сиһин тоноҕоһо түөрт токуруйуулаах. ДьДьДь.
Тоноҕос ойуу
тоноҕос курдук быһыылаах сахалыы оһуор көрүҥэ.
Вид якутского орнамента, напоминающего позвонки; узор в виде позвонков.
Томтор үрдүгэр тоноҕос ойуу баар үһү (тааб.: чаппараах).
Тоноҕос саадьаҕай (эриэн)
сүөһү дьүһүнэ: сиһин ороҕун бата синньигэс үрүҥнээх саадьаҕай.
Пёстрый (о масти рогатого скота).
Тоноҕос саадьаҕай ынах. Тоноҕос эриэн торбоһум куттаах сүрүн Симэхтээх томторук оҥостон Хаҥас тоҕоноҕор иилиммит. Саха фольк
Өссө холобурдар (1)
Ср. каракалп. тумыртка ʻдятелʼ