ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

торулаа

туохтуур

Нууччалыы издавать непрерывный с долгим раскатом звук, отбивать звонкую дробь

туохтуур

тыаһы үт. туохт. Биир кэм субуллук, ыраахха диэри дуораһыйан иһиллэр гына тыаһаа (хол., тоҥсоҕой, тыраахтар туһунан)

Нууччалыы Издавать непрерывный с долгим раскатом звук, отбивать звонкую дробь (напр., о дятле, тракторе)

  • Чогдоон тыабыт толуу тиитин Тобуллаҕас көҥдөйүгэр Тоҥсоҕойбут тумсун уган, Дорҕооннук торулаата.
    Күннүк Уурастыырап
  • Бу мастарга кулун тутар ыйдааҕы дьыбардаах сарсыарда тоҥсоҕой түһэн, тумсун тыаһа торулуура.
    Н. Якутскай
  • Тыа баһа сатарыйан ыраах тыраахтар торулаабытыгар, Серёжа төттөрү хаампыта
    Н. Лугинов
Өссө холобурдар (3)
  • тоҥ нуучча көр тоҥ II. Бу дэриэбинэ дьоно үксүлэрэ нуучча хааннаахтар, торулуур тоҥ нуучча сылдьар диэх курдук көрүҥнээхтэр.
    Н. Якутскай
  • Оннук ээ, доҕоттоор, торулуур Тоҥ нуучча дойдута эрээри, Россия - бар дьону соргулуур Баараҕай ытыктан ытык сир.
    Н. Босиков
  • Ср. хак. торлас ʻиздавать шум (о птицах при полёте)ʼ, алт. торло ʻрябчик, куропаткаʼ

«Т» буукуба