ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тохтот

Нууччалыы приостановить, унять, обуздать кого- что-л., укрощать что-л. (напр., огонь). [Силип Силипсиэп:] Мин бэрэссэдээтэлим быһыытынан, эһигини тохтотобун, түксүҥ, кэпсэтимэҥ

1 #

Кими, тугу эмэ буой, уодьуганнаа, иннин ыл

Нууччалыы Приостановить, унять, обуздать кого- что-л., укрощать что-л. (напр., огонь). [Силип Силипсиэп:] Мин бэрэссэдээтэлим быһыытынан, эһигини тохтотобун, түксүҥ, кэпсэтимэҥ

  • тохтоо диэнтэн дьаһ. туһ. Оҕонньор атын тохтотон, муоһатын Тогойкиҥҥа туттаран кэбистэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Кыыс, билигин тохтотуо диэн өрүһүспүт курдук, түргэн-түргэнник кэпсиир.
    Н. Лугинов
  • Эдэр төрүөх өлүүтүн хайдах тохтотобут? М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • Дьорҕоотура турбутун - Чолоҥнуурун тохтотуҥ. Эллэй. Кэнники Кэрэхтээх тумул сирэйиттэн утары уот ыытан, тоҕус сорунан [уоту] тохтотоллор
    М. Доҕордуурап

2 этии #

Хараххын тохтот - туохха эмэ болҕомтоҕун уур, тугу эмэ таба көр Оҕонньор саҥата-иҥэтэ суох көрдөһөн, көрө-истэ турарыгар хараҕын тохтотон ылаат, -- атын киһини ааттаата. Амма Аччыгыйа

Нууччалыы Обращать внимание на что-л

«Т» буукуба