ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тоҥсун

этии

  • тоҥсуй диэнтэн бэй. туһ. Даадар чаччыына оҕото Чохоон Сэмэн икки Георгиевскай кириэһин тоҥсунар.
    Эрилик Эристиин
  • Захар Константинович сүүһүн тоҥсунна.
    М. Доҕордуурап
  • "Аһыахха сөп дуо?" – диэтэ Кууһума уонна айаҕын тоҥсунна. Н. Павлов

Этиилэр

Түөһүн тоҥсунар

түөһүн охсунар диэн курдук (көр түөс II).

  • "Мин дойду чөмпүйүөнэбин, мин Анатолий Догоровпын", – диэн хабарҕата хайдарынан хаһыытыы-хаһыытыы түөһүн тоҥсуммут.
    ХС
  • Тоҕо "былааны толоруохпут" диэн сымыйанан түөспүн тоҥсуна олорорбун модьуйаҕын? Софр. Данилов. Чымаан кинээс кыыһырдаҕына: "Мин Туруйа кулуба уола буолбаппын дуо?" – диэн түөһүн тоҥсунара. Эрилик Эристиин

«Т» буукуба