ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тоҥуу

аат тыл, аат

Нууччалыы засека, загородь

Ис хоһооно · 4
I

1 аат тыл #

Булт сэбигэр булду күрүөлээн хаайан киллэрээри маһынан оҥоһуллар намыһах быһыт, мэһэй

Нууччалыы Засека, загородь (для ловли зверей и птиц)

  • Догдоон хара тыа дурдалаах, Тоҥууга тохтооччу Туолдьут Бэргэн.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Мин бэйэм туһах иитэргэ сөптөөх сирин булан, харыйалары быһан аҕалан, тоҥуу оҥорон, туһахтарбын иитэбин.
    Н. Якутскай
  • Булду туһахха, айаҕа боһойон киллэрээри, кыра титириктэри, маһы охтортоон күрүөлүүллэр, сылбахтыыллар. Ол аата тоҥуу диэн буолар. Багдарыын Сүлбэ. Тэҥн. элиэ II
II

2 этии #

Тоҥуу ойуу - тэһитэ аспыт курдук быдьыгынас ойуу Былыргы ыһыах кыргыттара тоҥуу ойуулаах үрүҥ сиидэс былааты сыҥаах бааммыттар. "ХС"

Нууччалыы Узор, рисунок, нанесённый в крапинку

  • көр доҕуу. Эбэм тоҥуута баранан хаалбыт игиинэн хотуурун -- сытыылаата.
    Н. Лугинов
  • Уолаттар сыгынньах эттэрэ хойуу кумаартан сүүтүк тоҥуутун курдук буолан баран, ыгдайа иһэн тахсаллар. Бэс Дьарааһын. Игии кэрдииһэ [хатыыта] доҕуу эбэтэр тоҥуу диэн ааттанар. СНЕ ӨОДь
III

3 аат #

тоҥ I диэнтэн хай. аата. Быйыл күһүн сир харанан туран тоҥуута буолла. Т. Сметанин. [Ощепков] кыһыҥҥы тымныыга тоҥуу -- хайдаҕын үчүгэйдик билэр. С. Никифоров

4 этии #

Тоҥуу байтаһын биэ - төрөөн көрө илик биэ Уйбааннаах тоҥуу байтаһын биэлээхтэр. Тоҥуу суол - саҥа тоҥмут суол. Свежезамёрзший след. [Кулун Куллустуур] тоҥуу суолбун тобулан -- сойуолаан ахан иһэр. ПЭК ОНЛЯ III. Тоҥуу хаар - суол-иис таһаарыллыбатах халыҥ хаар. Цельный, свежий, не протоптанный глубокий снег. Клим сүүрэн иһэн -- бүдүрүйэн, тоҥуу хаарга тиэрэ түстэ. Амма Аччыгыйа. Ол киһи Уйбааҥҥа утары Тоҥуу хаар үрдүнэн ыстанар. Эрилик Эристиин

Нууччалыы Не имевшая приплода кобыла

«Т» буукуба