ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

туймуу

аат тыл

Нууччалыы нитка, верёвка, более тонкая по сравнению с основной и с помощью которой нитка вдевается в иголку, верёвка протаскивается в отверстие чего-л.; узел на конце нитки, верёвки

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Сабы иннэ үүтүгэр угарга, быаны хайаҕаска киллэрэргэ хос тутан таһаарар арыый синньигэс сап, быа; сап, быа түмүгэ

Нууччалыы Нитка, верёвка, более тонкая по сравнению с основной и с помощью которой нитка вдевается в иголку, верёвка протаскивается в отверстие чего-л.; узел на конце нитки, верёвки

  • Сап туймуута. Бэчимэ туймуута.
  • Быарык түөрт төбөлөрө туймуу киирэр биирдии дьөлөҕөстөрдөөхтөр. ЧАИ СБМИ. Боробулуоха аҥаар төбөтүн кылгастык токуруччу тутан баран, ол төбөтүн боробулуоха уһун өттүнэн эрийэн туймуу оҥоруллар
    ТСКБ

2 аат тыл #

Туох эмэ үөскүүр төрдө; туох эмэ саҕаланар, холбоһор сирэ

Нууччалыы Основа для возникновения, дальнейшего развития чего-л.; место, где берёт начало или соединяется что-л. с чем-л. [Киргиэлэй – Манчаарыга:] Биир тарбыйахтаах ынахта илдьэ бар

  • Сүөһүтэ суох киһи туймуу гын. МНН. Тоҕус уон тоҕус үрэх Доҕордоһор туймуутугар, Бухатыыр үөскүөх, Буойун олохсуйуох -- Улуу толооно Олоҕурбута эбитэ үһү
    С. Васильев

3 аат тыл #

Туох эмэ (тыл-өс, өй-санаа) түмүллүүтэ

Нууччалыы Основная мысль, идея чего-л. [Хоһоонтон] Дууһаны долгутуох туох баарын, Туох туһун ааптарбыт туойарын, Дойҕоҕун туймуутун булбатым

  • Сэрииттэн Ил үөскүүр. Тыгын Дархан ити олоҕун устатыгар өйдөөбүт өйүн-санаатын түмүллэр туймуута. "Чолбон". М. М. Санников Саҥа Үрэххэ булбут мамона И. Д. Черскэй олоҕун тиһэх чааһыгар тиийэ саныыр санаатын туймуута, дьулуһар дьулуһуута буолбута
    ГКН МҮАа

4 аат тыл #

Туох эмэ (хол., олох) саамай быһаарыылаах кэмэ

Нууччалыы Решающий момент в чём-л. (напр., в чьей-л. жизни)

  • Сомсоон бэйэтин олоҕун туймуутун өссө эдэр сылдьан тоҕус уон сааһынан быһан, быһааран кэбиспитэ.
    В. Титов
  • Эдэр поэттар үтүө хоһооннорун, бука, манна [куорат даамбатыгар] айдахтара, -- олох уустук туймуулара даҕаны манна сүөрүлүннэхтэрэ буолуо дии санаабын мин...
    ББ
  • Ср. сой. түҥгү ‘подвязка’

«Т» буукуба