ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

туллук

аат тыл

Нууччалыы пуночка.

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Саас, күһүн кэлэн ааһар, кынатын төбөтүгэр харалардаах чубугурас саҥалаах үрүҥ чыычаах

Нууччалыы Пуночка. Туллуктар кыбыыга-далга сүүрэн моторуһаллар. Амма Аччыгыйа. Былыргы оҕо күһүн, саас кыбыыга, далга от сыыһа тохтубутугар туллугу доҕуурдуур идэлээҕэ. Софр. Данилов. Сүөдэр Сүөдэрэбис -- ып-ыраас туллуктары таптыы көрөн аһарар. П. Аввакумов

2 аат тыл #

Кыыс оҕону, дьахтары таптаан ааттыыр тыл (үксүгэр тард. сыһыар-х тут-лар)

Нууччалыы Ласковое обращение к девочке, любовное обращение мужчины к любимой женщине (обычно употр. в притяж. ф.)

  • Оо, дьолум, доҕорум, туллугум, Улахан тапталы умнумуох.
    П. Тобуруокап
  • Кэтэһиэҕим бу манна, Кэлээр, маҥан туллугум.
    И. Эртюков
  • Чэ, барыах, туллугуом, аҕаҥ барахсан кэтэһэ сылдьар этэ, бэркэ диэн уордайбыт дьүһүннээҕэ
    А. Сыромятникова

3 аат тыл #

поэт. Туох эмэ сырдык, кэрэ бэлиэтэ

Нууччалыы Пуночка как символ чего-л. светлого, прекрасного

  • Көҥүллүк көтүҥ мин санаабын астыннара, Сахам лиирикэтин ыраас туллуктара.
    С. Данилов
  • Ол көстөллөр Улуу үйэ туллуктара – Улахан дьиэлэр, маҕаһыыннар
    С. Васильев

4 этии #

Нууччалыы Постоянный эпитет, используемый в отношении красивой девушки, женщины (букв. белая пуночка)

  • Үрүҥ туллук поэт. – кэрэ кыыс оҕону, кырасыабай дьахтары хоһуйан этии Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр, Маҥан туллук эрэ далластыыр, Ыраастыыра эрэ бөлтөрдүүр, Доҕойумалыыр эрэ доҕоруом!
    А. Софронов
  • Үс дьүөгэлии кыргыттар, үрүҥ көмүс туллуктар, үөрэн дьолтон атыны өрүү билбэт буоллуннар!
    П. Тобуруокап
  • Биэс бээгэй ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин, Үрүҥ туллук кыыһыттан Өйүм-санаам өһүлүннэ, Сүрүм-кутум сүүдүйдэ.
    И. Чаҕылҕан
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. уйг., узб. туллак ‘старый перепел’

«Т» буукуба