ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тумнаһын

туохтуур

Нууччалыы умереть или чуть не умереть от невозможности дышать (напр., из-за дыма, удушливого газа), задохнуться

1 туохтуур #

Тыыныҥ хаайтаран, бопторон (хол., хойуу буруоттан, угаардаах гаастан) өл, өлө сыс

Нууччалыы Умереть или чуть не умереть от невозможности дышать (напр., из-за дыма, удушливого газа), задохнуться

  • Ананий хойуу буруоҕа түбэһэн тумнаста сыһыталаата.
    М. Доҕордуурап
  • Аҕабыт ыарыһах, үлэни кыайбат этэ. Инньэ гынан хотоҥҥо киирдэҕинэ, тумнастаары сордоноро.
    ХС
  • Кыһын муус анныгар арыт кислород олус аҕыйыыр. Оччоҕо балыктар тумнастан өлөллөр.
    ББЕ З

2 туохтуур #

Бөтө-бөтө тыын (хол., долгуйан, сүүрэн, күлэн)

Нууччалыы Начать дышать с трудом, прерывисто (напр., от волнения, бега, смеха), задыхаться

  • "Уолуҥ ханна барда?" – тойон тумнастаары гыммыт курдук быччыгынаан тыына турда.
    Эрилик Эристиин
  • Ванюша онно хараҕын уутугар тумнастан, тугу да булан этэр кыаҕа суох тахсан эрэ барбыта.
    ХС
  • Яков Лукич күлэриттэн тумнастаары [гынар]. М. Шолохов (тылб.)

3 туохтуур #

Туохха эмэ (хол., ыар санааҕа) саба баттат, кыайтар, туохтан эмэ тууйулун

Нууччалыы Быть подавленным, угнетённым (напр., тяжёлыми думами, окружающей обстановкой)

  • Бу арамааныгар Толстой ["Анна Каренина"] -- уопсастыба сидьиҥ, албын-көлдьүн үгэстэригэр тумнастан өлбүт эдэр дьахтар трагедиятын -- кэпсээбитэ. Софр. Данилов. Баайдарга туттаран, Батталга тумнастан, Хараастан, хаанынан ытыырбыт.
    Күннүк Уурастыырап
  • Бэрт үгүс норуот дьиикэй уонна хараҥа олохтон тумнастара, -- ыраахтааҕы былааһынан хам баттанан өлөрө
    БИД

«Т» буукуба