Перевод с якутского
тумустаа
туохтуур
Нууччалыы приделывать к чему-л. переднюю выступающую часть, нос, клюв
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Туохха эмэ тумуста оҥор
Нууччалыы Приделывать к чему-л. переднюю выступающую часть, нос, клюв
Оҕолор оҥоһуу бөтүүктэрин кыһыл кумааҕынан тумустаабыттар
2 туохтуур #
Быган, тумуллаан киир (хол., тыа, арыы туһунан)
Нууччалыы Выступать, выдаваться мысом (напр., о лесе, полуострове)
Иннигэр муораҕа тумустаан киирбит үрдүк очуос таас көһүннэ. Н. Якутскай Биһиги тумустаан турар чараас тыаҕа киирдибит. А. Бэрияк Биир сайыҥҥы үтүө күн Михаил тумустаан киирбит өрүс кытылыгар -- отун мунньа, бугуллуу сылдьыбыт. ЖЕ
3 туохтуур #
байыан. Сэриигэ, кыргыһыыга сүрүн аармыйа иннигэр сырыт
Нууччалыы На войне, в бою находиться впереди главных сил, быть в авангарде
Ити пуолка кимэн киириитин маҥнайгы батальон тумустуохтаах. Н. Якутскай Кинилэр үһүө буолан күрүөлэр быыстарынан тумустаан киирэн иһэллэрэ. М. Доҕордуурап Өстөөхтөр Демянскай тоҕойу ылан сытар буоланнар, инники тумустаан киирэн сытар биһиги чаастарбытыгар ас-үөл быста-быста тиэрдиллэрэ ССС
4 туохтуур #
Кими, тугу эмэ ордук бэлиэтээ, чор бот
Нууччалыы Выделять особо, обращая внимание на кого-что-л
Оҕолортон ордук тумустаан ыалдьыттары кытта кини [Баһылай Кэдээкин] кэпсэтэр. Амма Аччыгыйа Ааспыт мунньахтарга, тумустаан туран, ити икки киһи Дьара хочотун сир оҥостор туһата суоҕун дакаастыыллара. Н. Якутскай [Оҕо сааһым доҕотторо] Тугу эрэ ордук тумустаан үҥэр таҥара гыналлар? М. Ефимов