ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

туорат

Нууччалыы обходиться с кем-л. неласково, затирать, зажимать кого-л

1 #

Кимиэхэ эмэ хаҕыстык сыһыаннас, кыһарый, үтүрүй

Нууччалыы Обходиться с кем-л. неласково, затирать, зажимать кого-л

  • туораа 1, 2, 3 диэнтэн дьаһ. туһ. Бүтүн ыалы, бачча сүөһүнү көһөрөр, сүүрүктээх үрэҕи харбатан туоратар оҕо оонньуута буолбатах.
    Н. Заболоцкай
  • Омоох суолунан аты туораттылар, үрэх хоонньугар киирдилэр.
    Н. Павлов
  • [Эһэҥ] Оннук муҥнанан соҕотох ынаҕын Уһун кыһыны туоратара. И. Эртюков
Өссө холобурдар (2)
  • Миша аттыгар биэс да кыыс баар буоллаҕына, хайаларын даҕаны чорбоппокко, туораппакка тэбис-тэҥ кэрэхсэбиллээхтик кэпсэтэр.
    Н. Лугинов
  • Кырдьаҕастар Васяҕа сыһыаннара олус үчүгэй, кыргыттар да туораппаттар
    Д. Токоосоп

2 #

Мэһэй буолар кими, тугу эмэ суох гын, суох оҥор

Нууччалыы Отстранять, устранять кого-что-л., создающего помехи в чём-л

  • Мас суханы Тыраахтар туоратта, Токур сиэрпэни Хамбаайын кыйдаата.
    Саха фольк
  • Кини суолугар туора турбут кутталлаах киһитин кэбэҕэстик туоратта.
    У. Ойуур
  • Оҕону ыарахаттары туоратарга, онуоха, кыратык да буоллар, эрэйдэнэллэрин тулуйар буоларга үөрэтэр ордук суолталаах. Дьиэ к

3 этии #

Нууччалыы Чувствовать неприязнь, нерасположение к кому-л., смотреть косо, сторониться кого-л

Этиилэр

Туората көр

кими эмэ атыҥырыы санаа, сөбүлээмэ, абааһы көр Дорообо, дойдум!

  • Тоҕотун тоҥоомо, Туоһулуу сураама, Туората көрүмэ!
    А. Софронов
  • Миигин сирбэр-уоппар туората көрөллөр, үүрээри гыналлар. П. Ламутскай (тылб.)

«Т» буукуба