ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

туормас

аат тыл

Нууччалыы тормоз.

1 аат тыл #

Туох эмэ тиэхиньикэ хаамыытын бытаардар эбэтэр тохтотор оҥоһук

Нууччалыы Тормоз. Васильев туормас биэрэн тыраахтарын тохтотто. М. Доҕордуурап. Кэнниттэн массыына ситэн тиийэн кэлэн, тохтоон туормастара кыычыгыраата. Э. Соколов. Массыына туормаһын билиммэтэ, бара турда, илии туормаһа эмиэ үчүгэйдик туппат. М. Попов

2 аат тыл #

Туох эмэ үлэтигэр, сайдыытыгар мэһэй, харгыс

Нууччалыы Помеха, препятствие в работе, деятельности, развитии чего-л

  • "Үс" сыана биһиэхэ -- тарда соҕус, быһаҕас сыаналыыр психологическай туормас баарыттан тутулуктаах дуу диэхпин баҕарабын.
    Н. Лугинов
  • Холкуос үлэтэ үөрэниэн баҕалаах киһиэхэ туормас буолбат.
    С. Ефремов
  • Быйыл Уус-Алдаҥҥа спартакиада хаамыытыгар спортивнай саалалар суохтара улахан туормас буолла
    Кыым

«Т» буукуба