ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

туруору

сыһыат, даҕааһын

Нууччалыы в стоячем положении, вертикально

Ис хоһооно · 8

1 сыһыат #

Турар гына, сууллубат гына, хороччу

Нууччалыы В стоячем положении, вертикально

  • Өлбүтүҥ кэннэ хайа үрдүн хаһан туруору көмүөхтэрэ.
    Саха фольк
  • Үөл титирик тоһоҕо туруору анньыллан турара.
    Суорун Омоллоон
  • Тоҥ луому ылан Туруору саайан чыҥырҕатта
    С. Васильев
Өссө холобурдар (3)
  • Туруору саҕа.
  • Туруору эркиннээх дьиэлэри тутар буолтар.
    Н. Габышев
  • Туруору хайытыы утары уонна ойоҕос буолуон сөп. ННС ЧАа. Бу сыыппаралары туруору килиэккэҕэ суруй
    ББ

2 сыһыат #

Көнөтүнэн, хайдах баарынан, аһаҕастык (тугу эмэ эт, кэпсээ)

Нууччалыы Прямо, открыто, откровенно (сказать кому-л. о чём-л.)

  • Туруору эт.
  • [Өлөксөөс] барытын судургутук, туруору этэн кэбиһэр. Эн онон сөп буолан хаалаҕын.
    А. Бэрияк
  • [Оппуон оҕонньор:] Чэ бэйи, эн биһикки биир хааннаах-сииннээх, уруулуу дьон быһыытынан туруору кэпсэтиэх
    ХС
Өссө холобурдар (3)
  • Туруору сыыр.
  • [Микиитэ] бөдөҥ иирэлээх туруору арыыга таҕыста.
    Амма Аччыгыйа
  • Маннык туруору хайаны Бастаан дабайар ыарахан
    С. Тимофеев

3 сыһыат #

тура диэн курдук. [Күн Толомон Ньургустай Кулун Куллустууру] үс хонукка туруору хоруйан сууйда. ПЭК ОНЛЯ III. Күн ахсын үлэлиир үлэтэ, Туруору саах күрдьэр буолбута. Эрилик Эристиин. Норуот билэ дьонноро Тоҕуоруһан мустан Тоҕус хонук устата Туруору көрүлээн таҕыстылар. ТТИГ КХКК

  • Туруору киһи.
  • [Байбал уус] туруору киһи, таһыттан көрдөххө курутуйбута, долгуйбута билли бэт.
    В. Яковлев
  • Щуровы туруору сирэйдээҕин-харахтааҕын иһин Фома ытыктыы саныыра. М. Горькай (тылб.)

4 даҕааһын #

Сытыары буолбатах, көнө

Нууччалыы Стоячий, вертикальный

5 даҕааһын #

Дабайарга, ыттарга ыарахан, үрдүк, үөһэ өрө харбаспыт

Нууччалыы Крутой, отвесный

6 сыһыат #

Көнө, туох да улаҕалаах санаата суох, аһаҕас

Нууччалыы Прямой, открытый, откровенный

7 этии #

Туруору сиэбит кэпс. – кими эмэ, туох эмэ үбүн-аһын, баайын туһанан бараабыт, эспит

Нууччалыы Разорять кого-л., разрушать чьё-л. материальное благополучие

8 этии #

Туруору атах түөлбэ. – баҕана

Нууччалыы Стояк. Туруору балаҕан көр балаҕан. Ыраахтан туруору балаҕан турара көстөр. Туруору оһох түөлбэ. – саха оһоҕо, көмүлүөк. Якутская печь, камелёк. Сэллээн көрбөккө күнү быһа оттуллар туруору оһох суоһуттан муус түннүктэр суунан ньалҕарыһаллар. Г. Нынныров. Туруору талкы – тобук талкы диэн курдук (көр талкы). Ортоку баҕанатыгар туруору талкытын, аан орон аттыгар сытыары талкытын уонна атах ороно ааттаахха сылгы төбөтө талкытын уурталаабыт. М. Доҕордуурап. Туруору тарт – сытар киһини атаҕар туруор. Поднять резким движением лежачего на ноги. "Чэ быраһаай!" – диэт, Тоня эмээхсини илиититтэн ылан туруору тарта. М. Доҕордуурап. Туруору тартылар. Көрбүтүм. Ньиэмэстэр. Т. Сметанин. Эһэтэ Утуйааны окумалыттан туруору тарта. "ХС". Туруору умнастаахтар бот. – хороччу үүнэр умнастаах үүнээйилэр. Растения с прямым стеблем. Үүнээйилэр баһыйар үгүстэрэ туруору умнастаахтар. КВА Б. Туруору ый – саҥа ый үүнэригэр көнөтүк тахсар ый (саас эбэтэр сааһыары кыһын ичигэс, хахсаата суох, оттон күһүн эбэтэр күһүөрү кыһын тымныы, тыаллаах буоларын билгэтэ). Всходящий молодой месяц, у которого концы находятся на одной вертикальной линии (в начале весны или весной предвещает тёплую, безветреную, а в начале зимы или зимой – холодную ветреную погоду). Халлааҥҥа туруору ый турарын көрдө. Н. Апросимов

«Т» буукуба