ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тутуур

аат тыл

Нууччалыы то, что человек несёт в руке, ручная кладь

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Илиигэ тутарга сөптөөх таһаҕас

Нууччалыы То, что человек несёт в руке, ручная кладь

  • Кыра тутуур. Тутуурум ыарахан.
  • Дьөгүөрдээн тутуурун сиргэ ыһыктан кэбистэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Галя итии түү үтүлүктээх этэ да, чымадаанын тутан иһэр илиитэ тоҥмута, тутуурун атын илиитигэр уларыппыта
    ХС

2 аат тыл #

Киһини, көҥүлүн хааччахтаан, кэтэбилгэ-манабылга тутуу

Нууччалыы Задержание кого-л., установление надзора над кем-л

  • Тутуурга сырыт.
  • Ханныгын да иһин кини [Уваровскай] моһуогуруута, тутуурга түбэһиитэ оччотооҕу былаастары кытта үтүрүйсүүттэн эрэ тахсыах тустааҕа мунааҕа суох
    Н. Заболоцкай

3 аат тыл #

Булт-алт, булт кэһии

Нууччалыы Добыча, гостинцы дичью. [Булчут] күһүн хаар чарааһына өрүү туох эмэ тутуурдаах киирэр

  • Муҥ сатаатар балыктыаҕыҥ! Дьиэбитигэр туох да тутуура суох ончу кураанаҕын тиийэрбит олус сүрэ бэрт буолуо суоҕа дуо?
    В. Протодьяконов
  • Кэһии эбэтэр кимиэхэ эмэ биэрэн өҥөлөһөр туох эмэ. Θ Подношения в виде подарка. Кини дьону кытта кэпсэтэригэр хайаан да туох эмэ тутуурдаах буолааччы
    Н. Якутскай

4 этии #

Этиилэр

Илии тутуурдаах көр илии

  • Тыаҕа таҕыстарбын эрэ үксүгэр илии тутуурдаах, өттүк харалаах киирэбин. Ф. Софронов

«Т» буукуба