Перевод с якутского
тууй
туохтуур
Нууччалыы лишать возможности дышать, душить
1 туохтуур #
Кими, тугу эмэ хабарҕатын эбэтэр муннун-уоһун хам тутан, тыынын хаай
Нууччалыы Лишать возможности дышать, душить
Модун тыыны тууйан, Моонньу муомахтаабыт Тоҕус туһах быаҕа Тоҥмут дьон биэрэҥнииллэр. Күннүк Уурастыырап Гитлери мин бу курдук тууйа тутуо этим! Н. Заболоцкай Буойун [манабыл икки кулукка] куоскалыы оргууй үөмэн тиийбитэ Уонна, доҕоор, хабарҕалаан сонно тууйан кээспитэ. Ш. Руставели (тылб.)
Өссө холобурдар (2)
Сатаан тыыннарыма, тыынарын мэһэйдээ. Θ Перекрывать, затруднять дыхание кому-л.; зажимать (рот), сдавливать (сердце). Сиэстэрэ кэлэн Сэмэн муннун-уоһун тууйа маҥан таҥас маасканы уурда. Н. Якутскай Оҕонньор саҥата суох баҕана курдук туран хаалла, кыһыы-аба, хомолто кини сүрэҕин тууйда М. Доҕордуурап
2 туохтуур #
Тугунан эмэ кыаҕын быһан самнар, саба баттаа
Нууччалыы Подавлять, заглушать что-л
Ол эрээри кырдьыктаах тылы кинилэр кыайан тууйбаттар. Амма Аччыгыйа Суох, ыраахтааҕы түрмэтэ, хаатыргата, сыылката биһиги уордайбыт уорааннаах күүспүтүн тууйуо суоҕа. В. Протодьяконов Уонча сыл устата мин тууйан сырыттым Бар дьонтон санаабын, баҕабын барытын В. Голдьеров
3 этии #
Нууччалыы Угнетать сознание, настроение, притеснять, душить (о мыслях, чувствах и т. п.)
Этиилэр
Тууйа тут
киһи өйүн-санаатын тумнар, көтөҕүллэрин, өрөйөрүн хаай Саллар сааһын тухары кини эрдээх көнө сүрэҕин тууйа тутан сылдьыбыт хараҥа итэҕэлиттэн, сатаатар, бу олоҕун үһүгар кэлэн босхолоннун эбээт.
Иһиллээбит курдук уу чуумпу тууйа тутара, Үрдүк хара тыа үйэттэн үйэҕэ утуйара. С. Васильев Санаарҕабыл дууһаҕа Дьаакыр курдук үүт-үкчү: Куккун-сүргүн тууйа тутуо, Баттыы сылдьыа төҥкөччү. Н. Калитин
Өссө холобурдар (1)
Ср. ДТС ту ʽзакрывать, преграждать’