Перевод с якутского
тык
туохтуур
Нууччалыы щёлкать по чему-л. давать щелчок кому-л
1 туохтуур #
Сөмүйэҕин эбэтэр орто тарбаххын тойон эрбэххинэн бүк баттаан баран эмискэ төлө ыытан кими, тугу эмэ саай, оҕус
Нууччалыы Щёлкать по чему-л. давать щелчок кому-л
Илиим көхсүгэр тык. Ким эрэ биир сарсыарда кэнниттэн кэлэн -- ыарыылаах баҕайытык кэтэххэ тыкпыта. Амма Аччыгыйа Анна, күүстээхтик сүүскэ тыгаат, суорҕан анныгар дьылыс гынан хаалла. Л. Попов
Өссө холобурдар (1)
Ср. кирг. тых, алт. тык ʽтыкать, втыкать, всовыватьʼ
2 туохтуур #
Туохха эмэ тиийэн кэл, кэлэн түс (хол., күн сардаҥатын этэргэ); сырдыгынан сыдьаай, сырдат (күнү этэргэ)
Нууччалыы Падать, ударять, бить куда-л. во что-л., обо что-л. (напр., о солнечном луче); излучать свет, светить (об источнике света)
Күндү маска күн тыгар үһү (тааб.: таҥара күлүгэ). Күн маҥнайгы сардаҥалара тыган таас хайалар, чочумаастар төбөлөрүн кыһыл көмүс өҥүнэн киэргэттэ. Т. Сметанин Кыырпах да былыта суох халлаан оройуттан күн сири-дойдуну итиинэн угуттаан чаҕылыччы тыгар В. Протодьяконов
3 туохтуур #
Күүскэ өрө ыһылын, өрө биэрэ сыт (хол., дьүүктэ уутун этэргэ)
Нууччалыы Брызнуть, бить струёй (напр., о ключевой воде)
Дьиктитэ диэн баар бу чакыр таас быыһыттан тыга сытар эмтээх уу бэйэтэ кыһынын тоҥмот. Багдарыын Сүлбэ. [Уу] эн үтүөҕүнэн биһиги сүрэхпит уолан хаалбыт сыккыстара эмиэ өрө тыган бараллар ППА БЭХКК