Перевод с якутского
тылбыы
аат тыл
Нууччалыы деревянные палки, защемляющие какое-л. отверстие (напр., кожаной посуды, мешка, верши), зажим. [Симиири] мас тылбыынан хам туттараллара уонна тирии быанан баайан кэбиһэллэрэ
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Тугу эмэ (хол., туу кутуругун, тирии иһит айаҕын) тылбыйан хам туттарар мастар
Нууччалыы Деревянные палки, защемляющие какое-л. отверстие (напр., кожаной посуды, мешка, верши), зажим. [Симиири] мас тылбыынан хам туттараллара уонна тирии быанан баайан кэбиһэллэрэ
ФВН ТС. [Кылыһахтаах кырыыппаны] иэҕэргэ үс-түөрт тылбыылар наадалар. ЧАИ СБМИ. Хайысханы быһаарар туһугар, куомпаһы көнө ньуурга ууруохха уонна тылбыытын тас диэки тардыахха наада КЗА АҮө
2 аат тыл #
Сүөһүнү (үксүгэр сылгыны) хаайарга аналлаах кыараҕас хааччах
Нууччалыы Узкий загон для скота (обычно для лошадей)
Биэни ыылларыгар өттүк эбэтэр тылбыы хааччахха киллэрэн ыыллар. КЕФ СТАҮө. Сорох атыырдар дал иһигэр сүгүн туттарбаттар. Онон атыырдар турар далларын ойоҕоһугар кыараҕас дал уонна тылбыы оҥоһуллуохтаах. ОМГ ЭСС. Саамай таһаарыылаах ньыманан сылгыны тылбыыга хаайан туран, икки, икки аҥаар %-наах хлорофос суурадаһынын бытыылкаттан иһэрдии буолар. ОГИ С
3 этии #
Нууччалыы Наелся по горло
Этиилэр
Тылбыытыгар диэри аһаабыт
аһара топпут Бу киһи тылбыытыгар диэри аһаабыт
4 этии #
Нууччалыы Зажим для верши
Этиилэр
Туу тылбыыта
туу кутуругун тылбыйар мас Оҕонньор туутун тылбыытын нэһииччэ төлө тардан кэбиспитэ, балыктыын, чохулуун таҥнары сүөкэнэн хааллылар.
Н. Заболоцкай.
Тылбыы курдук харахтаах
кыараҕас харахтаах.
Узкоглазый, с узкими глазами.
Малысхах курдук этиргэн сирэйдээҕэ, тылбыы курдук кыараҕас харахтааҕа. ХС Хадаар эмиэ мичээрдээн кэбистэ, онуоха тылбыы курдук кыараҕас харахтара сабылла сыһан, нарын сурааһыннарынан кылдьыыланнылар.
А. Кривошапкин
Тылбыы кынаттаах
тылбыйар кынаттаах диэн курдук (көр тылбый).
Били иннинэн сүүрэр атахтааҕы аһарбатах, үрдүнэн тылбыы кынаттааҕы быһа көтүппэтэх ааттаах булчуппут Охоноон ыраатта бадахтаах. И. Егоров Ср. эвенк. тылбэвун ʽпалочка с развилкойʼ