Перевод с якутского
тылыгыраа
туохтуур
Нууччалыы говорить много, быстро и звонко. [Кыыс] саҥаран тылыгырыа эрэ кэрэх, тугу баҕарарын барытын буллаттарар, тугу сөбүлээбитин барытын оҥорторор эбит
1 туохтуур #
Элбэхтик, түргэнник, хатаннык саҥар
Нууччалыы Говорить много, быстро и звонко. [Кыыс] саҥаран тылыгырыа эрэ кэрэх, тугу баҕарарын барытын буллаттарар, тугу сөбүлээбитин барытын оҥорторор эбит
Софр. Данилов. Тылыгыраабыт түргэн тыллаах -- Кытаах Арамаан диэн киһи дьиэ тутуутугар Киппирийээни кытта үлэлиирэ. Д. Таас Тыһы бэрдэ кини бэйэлээх тыынан-тыбыыран тылыгырыаҕа, кулуубу хомуйбаккын дии-дии куллугуруоҕа Э. Соколов
2 туохтуур #
Тохтоло суох хатаннык тыаһаа (хол., чуораан)
Нууччалыы Производить непрерывный, звонкий звук, трезвонить (напр., колокольчик)
"Туох ааттаах тылыгыраан хаалбыт баҕайыный", – диэн эмээхсин төлөпүөҥҥэ кыйахана санаата. М. Доҕордуурап Гимназияҕа үөрэх чааһа буолбутун биллэрэн чуораан тылыгыраата. В. Протодъяконов Оһоххо турар чаанньык оргуйан хаппаҕа тылыгыраата А. Бэрияк