Перевод с якутского
тыраадый
туохтуур
Нууччалыы быть, казаться удлиненным, тонким, вытянутым
1 туохтуур #
Уһун синньигэс буолан көһүн (үксүгэр тыынар тыыннаах лабааларын этэргэ)
Нууччалыы Быть, казаться удлиненным, тонким, вытянутым (часто о конечностях человека, животных)
Уһун тумустаах, күөкэйбит моонньулаах, хап-хара тыраадыйбыт атахтаах. И. Данилов Кини да буоллар, түөрт атаҕа тыраадыйбытынан, кутуруга хоройбутунан сир диэки таҥнары ыһыктынан кэбистэ. В. Башарин Икки бөтөс тыраадыйбыт уһун атахтаах, хатыҥыр сып-сырдык кыыһы ортолоругар уктан кэлбиттэрэ Чолбон
2 туохтуур #
Ыраахха диэри уһун синньигэстик бара тур (туох эмэ суолун туһунан этэргэ)
Нууччалыы Тянуться вдаль тонкой линией (о дороге, чьих-л. следах). [Чаҕылла Туйгун] уот сындыыс хайыһарын суола хойуу сулус туманын курдук тыраадыйда
[Табалар] хаарга онон-манан бөлөхтөһөн субуруһан барбыт суоллара тыраадыйан көстөр. Ф. Захаров Аллара ыраах тымыр курдук тыраадыйбыт суолларынан таһаҕастаах массыыналар сырсан эрэллэрэ ХС