Перевод с якутского
тыс
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы шкурка с нижней части ног животных (обычно оленя, лося), лапки, камус
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Ханнык эмэ кыыл (үксүгэр таба, тайах) өлүгүн атаҕыттан сүлүллүбүт тирии
Нууччалыы Шкурка с нижней части ног животных (обычно оленя, лося), лапки, камус
Куһаҕан харахтаах, хатыҥыр, кыра эмээхсин хаҥас диэки боруҥуй муннукка күөдэллэммит нэк ортотугар киэбэ эрэ боруйан олорон, куобах тыһын-кулгааҕын имитэ-имитэ, кэрэтик кэпсээн унаарыйар. Амма Аччыгыйа Ата үрэх уутугар киирбэтэҕин Мэник Мэнигийээн: "Бу атым этэрбэспин уһул диэхтиир ээ, быһыыта", – диэн, түһэ эккирээн, атын түөрт тыһын быһа тардан саралаан кэбиһэр.
Суорун ОмоллоонИйэлэрэ, хараҕа суох Өрүүнэ, -- тыаһа-ууһа суох кэлэн, аҕалара имитэр тириититтэн -- тыһын булан сууралаан ылара Эрилик Эристиин
2 даҕааһын #
суолт. Тыстан тигиллибит
Нууччалыы Сшитый из лапок какого-л. животного, из камуса (обычно оленя, лося). [Кыыс] атаҕар уран тарбахтарынан оҥоһуллубут сахалыы оҕуруо оһуордаах дьоҕус тыс этэрбэстээх
Тыс этэрбэстээх, суптугур тугут бэргэһэлээх, саар-тэгил эбэҥки наарта дуҕатыттан тутуһан, сүүрэн-хааман бадьаралыыр. Н. Габышев Тыс этэрбэс – таба, тайах, сылгы, сүөһү тыһыттан мааныга да, мараҕа да кэтиллэр гына тигиллэр кыһыҥҥы этэрбэс НБФ-МУу СОБ
3 этии #
Нууччалыы соотв. пороху не хватило у кого-л.; кишка тонка у кого-л. (букв. не хватило камуса)
Этиилэр
Тыһа тиийбэтэ (кылгаан биэрдэ)
ким эмэ тугу эмэ оҥороругар кыаҕа тиийбэтэ, тугу эмэ кыайан оҥорбото Ханна эмит ыраах баран, уунан үөрэнэргэ тыс кылгаан биэрбитэ.
Багдарыын Сүлбэ. – Мин санаабар, Боруохтуур Буулуура хотуо эбээт. – Эс, бу оҕонньор түөһэйбитин. Ол баҕайы тыһа тиийбэт ини. ХС "Төһө да баай буоллар, мин туспар тыһа кылгаан биэрбитэ", – Куочай сымыйа-кырдьык аҥаардаах кэпсээнин түмүгэр туустаан-тумалаан биэрбитэ. "Чолбон".
Тыһа кылгаһын көрүмэ
кими эмэ тас көрүҥүттэн көрөн сэнээмэ.
Не суди о ком-л., по внешнему виду (букв. не смотри, что лапки коротки).
Кинини тыһа кылгаһын көрүмэ, сэрэхтээх киһи. Оттон убайа, Силип, киниэхэ тэҥнээтэххэ, букатын киһи саарбата киһи. Тыһа кылгаһын көрүмэҥ. В. Иванов
Өссө холобурдар (1)
Кып-кыра кыбыгыр харахтаах Сиэгэн кыыл биир тутум атахтаах…
Ол тыһа кылгаһын көрүмэ
Хара тыа бэрт бэлиэ сиэмэҕэ. "ХС". Тыһыгар диэри ньыламан маҥан сиилээн. – дьүһүнүнэн үчүгэй, ол эрээри чэпчэки майгылаах дьахтары, кыыһы хомуруйан этии.
Порицание красивой женщины лёгкого поведения (букв. до лапок бела необыкновенно).
Хабаҕар диэри батыр маҕан, тыһыгар диэри ньыламан маҕан, туйаҕар диэри тэмэлдьи маҕан (өс хоһ.). Тыһын саҕатыгар диэри ньыламан маҥан. Амма Аччыгыйа
4 этии #
Нууччалыы Снятый вместе с лапками и шерстью головы (о шкуре какого-л. животного)
Этиилэр
Тыстаах-баттахтаах
1) тыстары, баттахтары сүлүллүбүт (тирии) Сэргэ төрдүттэн дьиэҕэ диэри күөх оту тэлгэппит, тыстаах-баттахтаах маҥан сылгы тириитин бастыҥ оронугар тэлгээбит. Саха фольк. Тоҕус дохсун холорук Тоҕо ытыллан түстэ, Тыстаах-баттахтаах эһэ тириитин Тырыта сынньан барар Тыал тыалыран барда. П. Ойуунускай. Сарыы тордохтор саамай ортокуларыгар тыстаах-баттахтаах хара эһэ даппытын үрдүгэр сытан, Ньырбачаан утуйан биэрбэтэҕэ. Далан; 2) онон-манан сараадыйбыт, сарбаҕар (былыты этэргэ).
Раздавшийся, с остро торчащими косматыми краями (об облаке). Тырыта тыыппыт курдук Тыстаах-баттахтаах Лэбийэ хара былыттар Лэглээрбитинэн бардылар. П. Ойуунускай.
[Чыычаах] Тыыны-быары ыгар Тыҥаабыт-хаҥаабыт Тыстаах-баттахтаах Тыйыс хара былыты Тэлэ тыыран, Этэн баран Эҕирийиэх Бэтэрээ өттүнэ Элэс гынан, Мүччү түһэн [көппүтэ].
Суорун ОмоллоонТыстаах-баттахтаах тыһы эһэ тириитин курдук най хара былыттар халлаан оройугар өрө сырсан тахсыбыттара.
Г. Колесов
Өссө холобурдар (1)
Ср. коми кыс ʽшкура с ног животногоʼ
5 #
тыаһы үт. т. Кыратык тыһырҕаан тыаһыыр тыас (хол., мутук тостор тыаһа)
Нууччалыы Подражание громкому звуку ломающегося тонкого сухого сука, треск
"Тыс" гына тыаһаабытынан, уоттаах чохтор хаарга түһээт, хараарбытынан бараллар. Амма Аччыгыйа Онтон икки кулгааҕа, мэктиэтигэр тыс-тыс тыаһаан ыла-ыла, бүрүтэ ылбахтаан хам туттумахтаан кэбистэ. Эрилик Эристиин "Тыс" диэн тыл мутук тостон тыс гынарын үтүктэр, "бар" диэн тыл туох эрэ ууга бар гына түспүтүн үтүктэр.
Күндэ
Өссө холобурдар (1)
Ср. казах. тыс ʽподражанение шипению, шороху и др. ʼ, тысыр ʽшорох, шелестʼ