ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тыҥкынас

даҕааһын

Нууччалыы высокий, тонкий, звонкий, писклявый

II

даҕааһын

Үрдүк, синньигэс, хатан (тыас, куолас туһунан этэргэ)

Нууччалыы Высокий, тонкий, звонкий, писклявый (о звуке, голосе)

  • тыҥкынаа диэнтэн холб. туһ. Халлааҥҥа тыыраахы, хопто үөрэ үрэллэҥнии көтөрө, араастаан тыҥкынаһаллара, ытаһаллара.
    Далан
  • [Куһаҕан Хочугур:] Эдьиийдэриэм, хайа били үҥкүүлээн ходьойор, ыллаан тыҥкынаһар бэйэҕит тоҕо санаарҕаатыгыт?
    И. Гоголев
  • Бырдахтар тыҥкынаспытынан акка саба түһэллэр, сытыы тумустарын хатаан, сыста сылдьан уулаабытынан бараллар.
    ПНО
Өссө холобурдар (3)
  • "Бэрэссэдээтэлгэ кэллигит дуо? Туох наадалааххытый?" – диэн приёмнайга олорор кыыс тыҥкынас куолаһынан ыйытта.
    Н. Якутскай
  • [Ньургууна] күүһэ баарынан хаһыытыыр, хаһыыта ууну кырсынан дуораһыйан ыраах барар уонна төттөрү охсуллан, тыҥкынас куоластаах кумаар курдук иһиллэр.
    А. Старостин
  • "Хотуой, бу ийэҥ ханнаный, суох дуу?" – Дьарааһын дьахтардыы тыҥкынас куолаһынан саҥара-саҥара, дьиэни кэриччи көрөр
    Чолбон

«Т» буукуба