ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тэбин

туохтуур

Нууччалыы упираться ногами (обычно заупрямившись). [Атыыр] биир сиргэ өсөһө тэбинэн турдаҕына, Уйбаанчык баһыттан быалаата уонна дал баҕанатыгар баайан кэбистэ

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

Туохха эмэ атаххынан тирэн (үксүгэр өсөһөн)

Нууччалыы Упираться ногами (обычно заупрямившись). [Атыыр] биир сиргэ өсөһө тэбинэн турдаҕына, Уйбаанчык баһыттан быалаата уонна дал баҕанатыгар баайан кэбистэ

  • Григорий дьонуттан арахсымаары, дьиэтиттэн барымаары онно ытаабытын эриэхсит – ийэтин даба ырбаахытын тэллэҕиттэн тутуһа-тутуһа, аан боруогуттан тэбинэ-тэбинэ сарылаабыта.
    А. Бэрияк
  • Мойот, умсан баран, уу түгэҕиттэн тэбинэн кэбиһэ-кэбиһэ иннин диэки устан испитэ
    Т. Сметанин

2 туохтуур #

Туохха эмэ ыксаан туох бааргынан, олус түргэнник сүүр

Нууччалыы Бежать бегом, мчаться (в крайней спешке)

  • Владимир Назарович, бадараан, быыл буолбут таҥаһын уларытар түгэнэ суох, саатын, кустарын остуолга быраҕаат, бириистэҥҥэ тэбиннэ. Дьүөгэ Ааныстыырап. Оскуола оҕолоро улаханныын-аччыгыйдыын, сөмөлүөтү көрөөрү, онно тэбиннилэр.
    Н. Босиков
  • Оччону истэн баран, олоруохпут баара дуо, сонуну ийэбитигэр кэпсии дьиэбитигэр тэбиммиппит
    В. Иванов

3 туохтуур #

Кимиэхэ, туохха эмэ (бэйэҕинээҕэр ордук күүстээххэ, кыахтаахха) тирэн, өйөн

Нууччалыы Пользоваться чьей-л. поддержкой (кого-л. более сильного или высокопоставленного)

  • Кыысчаан, эдьиийигэр тэбинэн, оҕолортон куукалканы былдьаан ылла.
  • Кинилэр баҕас – Бөрө Бөтүҥнэр туохтарыгар тэбинэн атаҕастабыллаах буолтарын биллэриэхпит
    Эрилик Эристиин

4 этии #

Нууччалыы Безостановочно, беспрерывно, безустанно (делать что-л.)

Этиилэр

Тура тэбинэн

кыратык даҕаны тохтообокко, быыстала суох (тугу эмэ гын) Нина күнү быһа араас майгылаах-сигилилээх атыылаһааччылары кытта тура тэбинэн аахсарыттан киҥэ холлон кэлэрэ.

  • Ол курдук -- Уурайбакка, тохтообокко, Уоскуйбакка, сынньаммакка, Олорбокко, турбакка Ый орулуур отут хонугун Усталаах-туоратын тухары Тура тэбинэн туран охсустулар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Кини [Дабыыт] сылаа-элээ диэн тугун төрүт да билбэт курдук, күнү тура тэбинэн үлэлиир, тимири кытта өрө мөхсөр. И. Наход кин

5 этии #

Нууччалыы Поскользнуться. [Алаа Моҕус] халты тэбинэн, аҕыс ойоҕоһун аҥаар илиилэри, аҥаар атахтары, баһын аҥаардары хампы түһэн кэбиһэр

Этиилэр

Халты тэбин

халтарый, халтарыйан оҕун Саха фольк.

  • От сыатыттан халты тэбинэн, Миитэрэй тиэрэ таһылла түстэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Витя кыайан уйуттубата, онуоха эбии сытыйбыт инчэҕэй уллуҥ баҕайы чэҥтэн, мыыла курдук ньылбырыҥнаан, халты тэбиммитэ. Н. Заболоцкай

«Т» буукуба