ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тэгилит

туохтуур

Нууччалыы выражать, представлять что-л. образно, фигурально

туохтуур

Тугу эмэ уобарастаан, таайтарыылаах ис хоһоонноон эт, көрдөр

Нууччалыы Выражать, представлять что-л. образно, фигурально

  • Кылгас сытыы тыллаах үгэлэргэ бүгүҥҥү олох итэҕэстэрин тэгилитэн көрдөрөр бэргэнник ойууламмыт Бэдэр бэрэдэбиэстэр, былыт эркээйилээх Элиэлэр, наһаа хайҕанан кутуйахтыырын тохтоппут Куоскалар эҥиннэр бэрт элбэхтэр.
    Н. Тобуруокап
  • Күнү саҥарар саҥаҕа, ордук ырыаҕа-тойукка, уус-уран айымньыга тэгилитэн, уобарастаан этии быһыытынан туттуу билигин да мөлтөөбөт. КНЗ СПДьНь. Холобур, тыаны сылгы сиэлин-кутуругун, мастары – тойон, хотун дьоннору кытта тэҥнээһин; сылгы үөрүн "үрүҥ сүүрүк", ынах үөрүн "хара сүүрүк" диэн тэгилитэн ааттааһын
    СЛ-8

«Т» буукуба