ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тэллэх

аат тыл

Нууччалыы постель, тюфяк

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Ороҥҥо, сиргэ тэлгэниллэр туох эмэ сымнаҕас (хол., таҥас, соломо, тирии уо. д. а.)

Нууччалыы Постель, тюфяк

  • Кыыс оҕо тэллэҕэр уон уоттаах (өс хоһ.). [Ньукулай] хаҥас диэкиттэн тэллэх аҕалан уот иннигэр сиргэ быраҕар.
    А. Софронов
  • Дьыбардаах сарсыарда тэллэҕи тэбээн эрэр курдук утуу-субуу бачыгырас тыас иһилиннэ
    Эрилик Эристиин

2 аат тыл #

Туох эмэ аллараа өттө

Нууччалыы Подножие, основание горы, подол одежды

  • Алтайга, Белуха тэллэҕэр Тыраахтар собуота ньиргийдэ
    Күннүк Уурастыырап
  • Уһун сон, ырбаахы аллараа өттө. Θ Подол одежды. Оҕонньор сарсыарда уолаттарыгар эппит: "Кунаҥҥытын баран көрүҥ эрэ, булгунньах тэллэҕэр". Багдарыын Сүлбэ. Бөкчөгөр [киһи аата] ааны аһан баран, Өлүөнэни сонун тэллэҕиттэн тардан ылан, иннигэр уктан киирэн кэллилэр
    Эрилик Эристиин

3 этии #

Этиилэр

Тэллэх баттаһа көр баттас

  • Бугуллар тэллэх баттаһа туруталыыллар.
    Д. Таас
  • Кинилэргэ чугас, тэллэх баттаһа, олорор ыаллар бааллара.
    А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (3)
  • Сыыры тэллэх баттаһа Сыстыбыттар саҥа дьиэлэр.
    С. Тимофеев
  • Тэллэххэ-суорҕаҥҥа сыт суорҕан-тэллэх киһитэ буолла диэн курдук (көр киһи I). Биирдэ икки хонукка тэллэххэ-суорхаҥҥа сытар гына кырбаабыта да, курутуйа санаабатаҕа.
    А. Софронов
  • Кимтэн даҕаны Ньургуһун өр эрэйдэммитэ, ый аҥаара тэллэххэ-суорҕаҥҥа лип сыппыта. Дьүөгэ Ааныстыырап. Сүөкүччэ куруутун ыалдьар, суорҕаҥҥа-тэллэххэ сытар этэ. Суорун Омоллоон

4 этии #

Нууччалыы Травяная или соломенная подстилка для коров в хлеву

Этиилэр

Тэллэх от

хотоҥҥо сүөһү сытарыгар анаан тэлгэтиллибит от, соломо Хотоҥҥо санитарнай быраабылалары тутуспат буоллахха, үүт сүөһү түүтүнэн, тэллэх от бытархайынан киртийиэн сөп.

  • СЕТ ҮА.

Тэллэх таҥаһа

тэлгэнэн сытан утуйарга аналлаах таҥас.

Постельное бельё.

  • Эн өссө эт: Киэсээҥкэ, эн оҕо тэллэҕин таҥаһын сууйарыҥ буолуо.
    Н. Габышев

Тэллэх ыта

боруода буолбатах ыт.

Беспородная дворовая собака, дворняжка.

  • Эҥин дьикти быһыылаах тэллэх ыттара олбуордарын ааныттан быгыалаан үрэн чардырҕаспыттара.
    Далан
  • Ол да дьиэ дьиҥэр дьиэтээҕэр тэллэх ытын уйатыгар маарынныыр. Дж. Родари (тылб.)

«Т» буукуба