Перевод с якутского
тэлэкэлээ
туохтуур
Нууччалыы разрезать, разрубать на большие куски
1 туохтуур #
Бөдөҥ, кэтит гына бысталаа, кэрчиктээ
Нууччалыы Разрезать, разрубать на большие куски (напр., мясо)
Өлөрбүт буурун сүлэн, хол-буут араартаан тэлэкэлиир. Эвен. фольк. Оҕо ытыһын саҕа сыаны быһан тэлэкэлээн ыла-ыла, айаҕар атаарар. Болот Боотур [Балыгы] үөрүйэхтик туттан-хаптан сытыы быһаҕынан тэлэкэлиир Чолбон
2 туохтуур #
Сири эбэтэр кырыһы кэтит балаһаларынан тиэртэлээн хорут
Нууччалыы Вспахивать, распахивать землю, вскрывать дёрн широкими полосами. [Тыраахтарынан сири солооччулар] сэппэрээктээх булуук сири, сылгы хаһатын курдук, тиэрэ уурталаан тэлэкэлээтилэр
Күөх кырыһы тэлэкэлээн Күлтэйэ көтөр бухатыырбыт С. Тимофеев
3 туохтуур #
Ходуһаны хорутуулаахтык тэлэн оҕус
Нууччалыы Косить траву широким шагом легко и быстро
Күн балачча үөһэ ойуор диэри ходуһам чиэппэрин тэлэкэлээн кэбистим И. Гоголев