Перевод с якутского
тэлээр
туохтуур
Нууччалыы широко развеваться на ветру (напр., о флаге). [Бырааһынньыкка] Ыллыы-ыллыы, тэллэҕэ тэлээрэ, Кыыс үҥкүүлээн чохчороҥноото
1 туохтуур #
Тыалга күүскэ, киэҥ-киэҥник тэлимнээ, тэлибирээ (хол., былаах туһунан)
Нууччалыы Широко развеваться на ветру (напр., о флаге). [Бырааһынньыкка] Ыллыы-ыллыы, тэллэҕэ тэлээрэ, Кыыс үҥкүүлээн чохчороҥноото
Дьуон Дьаҥылы. Сотору бырааба үрдүгэр тэлээрбит кыһыл знамя оннугар маҥан былаах ыйанна. М. Доҕордуурап Бука бары иннилэрин диэки, салгыҥҥа кыһыл знамя тэлээрэр сиригэр дьулустулар. М. Горькай (тылб.)
2 туохтуур #
Салгыҥҥа чэпчэкитик уйдара көт
Нууччалыы Плавно плыть по воздуху, реять, парить
Хатыҥтан сэбирдэхтэр тэлээрэн Лыах курдук эйэҥнээн көтөллөр. Эрилик Эристиин [Таһырдьа] сылгы чыычаахтара айманаллар, лыахтар тэлээрэллэр. Г. Угаров Сорох көтөр салгыҥҥа тэлээрэ сылдьан утуйар ДьДьДь
3 туохтуур #
Салгыҥҥа уйдаран эрэрдии чэпчэкитик, түргэнник сүүр
Нууччалыы Бежать легко и быстро в развевающейся одежде. [Оҕолор] ийэлээх аҕаларын эккирэтэн тэлээрэллэр
Эдэригэр түспүт эмээхсин уон аҕыстаах кыыс курдук сүүрэн тэлээрэр. Т. Сметанин [Ньукулай] тобугун имэринэн, үҥкүүлээн тэлээрэн ааста А. Сыромятникова