Перевод с якутского
тэпсилин
Нууччалыы быть попранным, униженным, оскорблённым
1 #
Атаҕастабылга, батталга сырыт
Нууччалыы Быть попранным, униженным, оскорблённым
тэбис 1 диэнтэн атын. туһ. Үүтээн таһа тэпсиллэн чигдитийбит, -- булчуттар ыкса күһүҥҥүттэн олохсуйбуттара ала бэлиэ. В. Протодьяконов Көлүйэ тулатынааҕы от-мас дэлби чаачахай курдук тэпсиллибит. С. Маисов Сүөһүнү эттээн биликтээбит сирдэрэ дэлби тэпсиллибит даҕаны туох да, бэл, табах төрдүгэһэ, хаалбатах. МДН КК
Өссө холобурдар (3)
Этэ-хаана алдьаммыта, чиэһэ-бырааба тэпсиллибитэ таах хаалыах бэйэтэ буоллаҕа дуу?
П. Ойуунускай[Даайыс:] Маайа барахсан -- олох дьэбэрэтигэр тэпсилиннэ, бары да тэпсиллэн иһиэхпит. А. Софронов Киһи аймах улахан өттө атын омуктар батталларыгар тэпсиллэн сытар Чолбон
2 этии #
Этиилэр
Бадарааҥҥа хам тэбис (тэпсилин) көр бадараан
Уулаах Уйбаан эргэ олох бадарааныгар хам тэпсиллэн сылдьыбыта. Эрилик Эристиин