ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тэҥнэһии

аат тыл, аат

Нууччалыы соотношение между величинами, показывающее, что одна величина равна другой, равенство

1 аат #

матем. Икки кэриҥ суолталарынан тэбис-тэҥ буолуулара

Нууччалыы Соотношение между величинами, показывающее, что одна величина равна другой, равенство

  • тэҥнэс диэнтэн хай. аата. [Балыксыт оҕонньор:] Бу биһиги, дьон кырата-кыаммата, -- тэҥнэһии кэлбитин, олох уларыйбытын тугунан билиэхпитий?
    П. Ойуунускай
  • Бу күнү [кулун тутар сүүрбэ биир күнүн] күн сааскы тэҥнэһиитэ диэн ааттыыллар.
    МНА ФГ
  • Икки сыһыан тэҥнэһиитэ пропорция диэн ааттанар. АТП ОАаММӨС. Тэҥнэбили оҥоруу диэн биллибэт чыыһыла тэҥнэбили сөптөөх тэҥнэһиигэ кубулутар суолталарын барытын булуу. БАН А. Буукубанан бэлиэтэммит биллибэт чыыһылалаах тэҥнэһии тэҥнэбил диэн ааттанар.
    БАН А

2 аат #

спорт. Күрэхтэһии түмүгүнэн, кыайыылаах сатаан быһаарыллыбакка, тэҥ тэҥҥэ буолан тахсыы

Нууччалыы Исход игры, при котором не выигрывает ни одна сторона, ничья

  • Иккиэммит соруга судургу этэ. Кини сүүйүүгэ, мин – тэҥнэһиигэ оонньооһун. НСС Оо
    О. Тэҥнэстибит
  • Ити эрээри миэхэ кыайыыга тэҥнээх тэҥнэһии. СМН ТС. Өскөтүн партнёрдартан хайалара да утарылаһааччытын хоруолугар кыайан маат биэрбэтэҕинэ, партияҕа тэҥнэһии буолар
    ПВН СБК

«Т» буукуба